Диализнай киин Майаҕа арыллыан сөп, сотору кэминэн. Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов Петровкаҕа бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр эттэ. Манна туһааннаах ыйытыы киирдэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар диализнай киин арыйар туһунан этиилээх чааһынай клиника таҕыста. 14 куойкалаах бырайыакка 350 кв.м. иэннээх таас дьиэ наада. Билигин онно сөптөөх эбийиэк булуллар. Ол кэннэ Роспотребнадзортан көҥүл ылыллар.
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун баһылыга эппитинэн, диализ өҥөтө булгуччулаах медицина страховкатын бырагырааматыгар киллэриллэр, онон ыарыһахтар чааһынай клиникаҕа да босхо көрдөрөллөр.
Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһын эмтээһиҥҥэ солбуйааччыта Наталья Федорова эппитинэн, оройуоҥҥа билигин диализка эмтэнээччи 21 пациент баар, олортон биэһэ Петровкаҕа олорор. Кинилэр бары терапияны Дьокуускайга ааһаллар, ол муус суола хаайыытыгар улахан кыһалҕалары үөскэтэр.
Наталья Федорова эппитинэн, нормативынан диализнай отделение эбэтэр киин 60 пациенҥа арыллар. Бу усулуобуйаны толоруохха сөп, өскөтүн медтэрилтэни илин эҥэр улуустарыгар барыларыгар анаан оҥорор буоллахха.
This post was published on 17.02.2023 16:01 16:01