Мэҥэ Хаҥаласка буолбут дьон былдьаныылаах баһаарынан борокуратуура бэрэбиэркэтэ саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Майа сэлиэнньэтигэр дьон өлүүлээх баһаарынан бэрэбиэркэтэ саҕаланна.

Барыллаан биллибитинэн, уот чааһынай дьиэни сиэбит, өлбүт дьон баар, ол иһигэр оҕо.

Баһаар буолбут биричиинэтэ быһаарыллар.

Миэстэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуруора үлэлиир. Бэрэбиэркэ кэмигэр баһаартан сэрэхтээх буолууга сокуон тутуһуллуутунан сыана биэриэҕэ, төрүөт баар буоллаҕына миэрэ ылылыаҕа.

This post was published on 26.01.2023 16:30 16:30