Улуус тыа хаһаайыстыбатын ырыынагар биир дьоһун миэстэни ылар «Чүүйэ» муниципальнай унитарнай тэрилтэ сүөһү иитэр комплекса тигинэччи үлэлии турар. 2013 сыллаахха манна улуус салалтатын быһаарыытынан истиэп кыһыл боруодата сүөһүлэри аҕалбыттара. Ол гынан баран, бу боруода сүөһүлэр бастакы көлүөнэ ыанньыктара сааһыраннар да, олохтоох килиимэккэ төрүүр көлүөнэлэрэ ситэ үөрэнэ улааппат да буоланнар, ийэлэрэ оҕолоругар бэйэлэрин хаачыстыбаларын ситэри биэрбэттэринэн да сибээстээн, боруоданы уларытыы боппуруоһа сытыытык туран, итиниэхэ үлэ бу күннэргэ саҕаланна.
‒ Бу саас өрөспүүбүлүкэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн племенной сүөһүнү атыылаһыыга көрүллэр субсидиятын хаһаайыстыбабыт ыларын ситиһэммит, ыраас хааннаах 40 симменталы быйыл ылыахтаахпыт, ‒ диэн быһаарда тыа хаһаайыстыбатын упралениетын начаалынньыга Иннокентий Семенов. ‒ Бу истиэп кыһыл боруодата ынахтар ахсыс ыамнарыгар сылдьаллар. Сааһырдылар, үүт ылыллара мөлтөөтө. Ол иһин, ыраас хааннаах симменталга төттөрү көһөр туһунан быһаарыы ылынныбыт. Эһиил эмиэ племенной сүөһүлэри ылыыга министиэристибэни кытта үлэлэһэр былааннаахпыт. Ньурба улууһуттан «И.В.Николаев ‒ Бытык Уйбаан аатынан Күндээдэтээҕи» аахсыйалаах уопсастыбаттан 20 тиҥэһэни атыылаһарга кэпсэттибит.
Күтэр Саахтаахха сүөһү маҥырыыра иһиллэр буолуоҕуттан, «Чүүйэ» хаһаайыстыба үлэлээбитэ ахсыс сылын ааһарыгар чугаһатан эрэр. Ырыынак сааһыгар ити эдэр саас эрээри, өлгөм үүтү сылтан сыл аайы биэрэ, элбэтэ туруохтара диэн эрэммит ынахтара «эргэрэннэр», билигин аны манна төрүөхтэн төрүөххэ Саха сирин килиимэтигэр үөрэммит симменталлар сыыйа хотон хаһаайкаларынан буолуохтара. Хаһаайыстыба аһыллыаҕыттан үлэлиир, кыһыл боруоданы бэйэтэ тиэйсэн аҕалбыт зоотехник, билигин тэрилтэ үлэлии сылдьар саамай бэтэрээнэ буолбут Иван Петров былырыын Смоленскайга бара сылдьан көрбүт симменталларыгар тэҥнээн, Күндээдэттэн кэлбит симменталлары эмиэ олор курдук быһыылаах-таһаалаах эбиттэр диэн көрөр. Уҥуохтарынан Илин эҥэр симменталларыттан арыый кыралар, атахтара кылгас, киппэ соҕустар диэн этэр. Ол сүөһүлэри нууччалар «симментальская сычевка» диэн ааттыыллар эбит. Сахалыы хайдах тылбаастанара биллибэт. Симментал мэкчиргэтэ диэҕи табыллыбат курдук.
Алтынньы 10 күнүн киэһэтигэр, икки суукка айаннаан, Күндээдэттэн 18 ыраас хааннаах тиҥэһэ тиэллэн кэлбитэ. Аҕыйах тиҥэһэ уулааҕа биллэр. Улуус бэтэринээрдэрэ хас уулааҕын быһаарыахтара. Бэтэринээр управлениетын начаалынньыга Саргылаана Тополина кэлбит эдэр сүөһүлэр 30 хонук устата олохтоох сүөһүлэртэн туспа тутуллан туруохтара, исписэлиистэрбит туох баар анаалыстарын ыланнар, доруобуйаларын туруктарын быһаарыахтара диир. Харахха көстөрүнэн, тиҥэһэлэр туруктара үчүгэй курдуктар, үчүгэйдик аһаан улааппыттара биллэр. “Тумул” кэпэрэтииптэн уонна “Хорообут” хаһаайыстыбаттан 10-нуу симментал тиҥэһэни атыылаһыы кэпсэтиитэ барбыт. Хас биирдии тиҥэһэни тыыннаах ыйааһынын киилэтигэр 250-нуу солкуобайы төлөөбүттэр. Атыылаһыы ороскуотун 90 бырыһыанын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ толуйар.
‒ Урукку боруода 334 сүөһүлээхпит, ‒ диир Иван Васильевич. ‒ Хаһаайыстыбаҕа 120 ынах ыанар. Күҥҥэ иккитэ, 680-нуу лиитэрэҕэ тиийэ үүтү ыыбыт. Быйыл 100-тэн тахса сүөһү төрөөн турар. 13 тиҥэһэлээхпит, балары аахпакка. Субаннар, тыһаҕастар. Үүппүт былаана 500 туонна этэ, 70-ча туонна хаалан турар (алтынньы 11-12 күннэринэн), кэлэр икки ыйга толоруохпут диибит. Үүтү Табаҕаҕа «Саханацпродукт» кэпэрэтиипкэ (Роман Герасимов) туттарабыт. Күн өрүү-өрүү кэлэн ылаллар.
Хаһаайыстыба кэлэктиибэ, сүрүннээн, уларыйан, үлэтигэр саҥа дьонноох кыстыкка киирдэ. Саҥа тиэхиньикэ ылыллан, подсолнух курдук үүнээйини быраактыкаҕа киллэрэн, дьэ үчүгэйдик тэринэн үлэлиир суолга киллэрэн баран, тэриллиэҕиттэн салайбыт Святослав Кириллин атын үлэҕэ баран, билигин хаһаайыстыбаны эдэр, эрчимнээх салайааччы Аркадий Лукин салайар. Киниэхэ солбуйааччытынан Афанасий Илигяев буолар. Елена Сокольникова уонна Федор Анисимов ыанньыксыттыыллар. Кыһынын тыраахтары муоһалыыр төһүү күүс үлэһиттэрэ – Чүүйэ олохтооҕо Николай Скрябин. Барыта, саҥалыын, түөрт тыраахтардаахтар.
— Сототтон, өтөхпүтүттэн, манна үлэ миэстэлэрэ тахсыбыт сурахтарын истэммит, кэргэним Светлана Филипповалыын үлэлии кэллибит, — диир Руслан Федотов. – Былырыын үлэлээбит буоламмыт, билэр тэрилтэбит. Ньирэй көрөбүт. Түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ олоробут. Сылаас, хотон ититиллэр систиэмэтигэр холбонон турар. Дьиэҕэ өссө биир ыал баар уонна биир кыбартыыраҕа ыанньыксыт Елена Власьевна, бииригэр икки эр киһи олороллор. Үлэлиир да, олорор да усулуобуйа үчүгэй. Үлэлиир баҕа баар.
Нэһилиэк урукку холкуос аатынан Кыһыл Тыраахтар диэн 120 гаалаах бааһынатыгар уонна Хара нэһилиэгэр 80 гаалаах Бырыыга, Дмитрий Назаров 10 гаалаах, Хаадьаҕар алаас үрдүнэн баар бааһынатыгар бурдук ыһан тураллар. Олорун урулуоннуу сылдьаллара. Иллэрээ сылтан саҕалаан комплекс таһыгар 10 гааҕа подсолнуҕу ыһан боруобалаабыттара. Иллэрээ сыл курааннаан үүммэтэх буоллаҕына, быйыл бэркэ үүнэн, сайын улуус олохтоохторо оҕолорун-урууларын илдьэ кэлэн хаартыскаҕа түһэр миэстэлэрэ буолбута. Иван Петров бэлиэтииринэн, аһа өлгөм, умнаһа суон буолан, сиилэскэ элбэх маассаны тэбэн биэрэринэн ааттаах эбит. 600-түү туонна күөх маасса угуллар тырансыайалардаах сиилэстэрин дьааматын аҥаарын толорбуттар. Чүүйэ эбэтигэр уонна Хаҥалас улууһун Тойон Арыытыгар 500 туонна оту оттообуттар. 200 туоннаны Төхтүртэн атыылаһарга дуогабардаахтар. 100-чэ туоннатын тиэйэн аҕалбыттар этэ.
Сайылыктара ситэ илик. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕи, Аммалыыр суолтан чугас сайылыгы сөргүтэр былааннаахтар. Үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ тутуллубута. Эргэ титиигин саҥардыахтаахтар. Титииккэ Германия “ГЕА Фарм” хампаанньатын ынаҕы ыыр систиэмэтин (саалатын) атыылаһар баҕалаахтарын Иван Петров этэр. Тоҕо диэтэххэ, комплекска ити систиэмэнэн ыы сылдьаллар, билэр тэриллэрэ.
“Чүүйэ” муниципальнай унитарнай тэрилтэҕэ, ити курдук, сыыйа боруоданы уларытан, бэйэтин көрдөрөн кэлбит симментал боруоданы иитиигэ былааннаахтык көһүү саҕаланна.
Аркадий Иннокентьев, Эркээйи