Бэҕэһээ, алтынньы 16 күнүгэр, Дмитрий Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө ыытыллар “Сүрэхтэн сүрэххэ” бырайыак чэрчитинэн Хара, Ходоро, Догдоҥо, 1-кы Тыыллыма, 2-с Тыыллыма нэһилиэктэрин уонна Майа сэлиэнньэтин бэтэрээннэрэ, аҕам саастаах дьоммут түмүстүлэр.
Мустубут бар дьону улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, «Саха сирэ эйигин кытта» уопсастыбаннай хамсааһын, СӨ волонтердар хамсааһыннарын салайааччыта Айыллаан Винокуров, улуус бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова тэрээһин кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Айыллаан Винокуров Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно-сэргэтэ хара маҥнайгыттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр күүстээх өйөбүллэрин, Мария Лукина салайааччылаах “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээх түмсүүтэ буоларын бэлиэтээн эттэ.
Бу күн улуустартан бастакынан «Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөтүн иһин» түөскэ кэтиллэр бэлиэни уонна дастабырыанньаны улахан кылааттарын киллэрбит, тохтобула суох көмөлөөх дьоммутугар махтанан туран туттарда.
Тэрээһин кыттыылаахтарыгар араас хабааннаах маастар кылаастар, “Тыыл бэтэрээнигэр бэлэх” автодесант, Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ экскурсия, психологическай тренинг, “Манчаары ыччаттара” этэрээт тыыл бэтэрээннэригэр көмө оҥордулар, эҕэрдэ кэнсиэр тэрилиннэ.
Бырайыак тэрийэр бөлөҕүн аатыттан сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов искибиэригэр анал эмбилиэмэлээх ыскамыайканы бэлэх ууннулар.
Бу күн аҕам саастаах дьоммут сэргэхсийэн, санааларын атастаһан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, астынан тарҕастылар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
This post was published on 17.10.2024 16:06 16:06