Мэҥэ Хаҥалас улууһун бастыҥ сылгыһыттара Табаҕаҕа бааллар

Бэдьимэ нэһилиэгэр «Дьөһөгөй күнэ» диэн сэргэх тэрээһин ыытылынна. Барыта 15 нэһилиэктэн 114 киһи кытынна. Сылгыһыттар күөн-күрэстэригэр бастакы миэстэни табаҕалар, иккис миэстэни павловскайдар, үсүһү матталар ыллылар. 


«Дьөһөгөй оҕото» айар талааннаахтар уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатыгар бастакы миэстэни Төхтүртэн Варвара Стручкова, иккис миэстэни Балыктаахтан Валентина Березкина, үһүс миэстэни Балыктаахтан Ньургун Гоголев  ситистилэр.

«Төрүт үгэһи тутуһааччы» ааты Тамара Рахлеева (Тумул), Мария Ким, Анисия Федороваҕа (Төхтүр) ыллылар. «Убаһа этэ – доруобуйа төрдө» саха төрүт аһын быыстапка күрэҕэр бастакы миэстэҕэ Оксана Павлова (Төхтүр), иккискэ Валентина Мартынова (Майа), үһүскэ Екатерина Михайлова (Төҥүлү) тигистилэр. «Астык ас» анал аат  Власий Михайловка (Төҥүлү), «Сэдэх ас» Маргарита Скрябинаҕа (Балыктаах), «Амтаннаах ас» Иван Пономаревка, Варвара Смирноваҕа (Тумул) иҥэрилиннилэр.

«Маннык сонун тэрээһини ыччаттарбытыгар билиһиннэриэҕин, Дьөһөгөйбүт үрдүк аатын төлкөлөөн, урааҥхайдар дэтиэҕиҥ, самнан биэрбэт саргылаах саҥа сахалар буолуоҕуҥ!» — диэн биир санааҕа күрэс кыттааччылара кэллилэр.

Тэрийээччилэр: Мэҥэ Хаҥалас сылгыһыттарын ассоциацията, Тыа хаһаайыстыбатын управлениета, Олоҥхо дьиэтин улуустааҕы норуот айымньытын Киинэ, Аллараа Бэстээх сынньалаҥ Киинэ, «Бэдьимэ нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии.

This post was published on 17.03.2016 09:08 09:08