Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар «Амма» региональнай суол учаастагын хапытаанай өрөмүөнүн түмүктээтилэр.
Суол 6- с километртан 7- с км диэри ууну аһардар турбаны ыыттылар, обочиналары бөҕөргөттүлэр, суолу көннөрдүлэр асфаалы уурдулар суол-иис разметкатын уруһуйдаатылар. Хапытаанай өрөмүөнү «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыагынан оҥордулар.
Учаастакка өрөмүөн үлэтэ олоччу бүттэ, билигин эбийиэги туттарыыга бэлэмнэнии барар диэн, Саха сиринээҕи Управтодорга иһитиннэрдилэр.