Мэҥэ- Хаҥалас улууһугар суол быһылаанын түмүгэр дьахтар эмсэҕэлээтэ. Быһылаан тахсыбыт кэмигэр эмсэҕэлээбит дьахтар массыынаҕа оһолтон сэрэхтээх буолуу курун иилиммэккэ олорбут, диэн СИА-ҕа ГАИ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бэҕэһээ, муус устар 3 күнүгэр, Мэҥэ- Хаҥалас оройуонугар Майатааҕы МВД дьуһуурунай чааһыгар Бырама нэһилиэгин ааһан баран «Амма» суолугар саахал тахсыбытын туһунан төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирдэ.
Быһылаан 03.04.2022 с. 13 чаас саҕана «Амма» суолун 85-с км. буолбут. Тойота Платз масыынаны ыытан иһэр 49 саастаах дьахтар суоппар Амматтан Майа диэки айаннаан иһэн уруулун кыайбакка суол кытыытыгар турбут Вольво массыынаҕа баран түспүт.
Быһылаан түмүгэр Тойота-Платзка олорсон испит 59 саастаах дьахтар тааһын уҥуоҕугар охсуу ылбыт. Эмсэҕэлээбит киһини Мэҥэ Хаҥалас киин балыыһатыгар иппиттэр.
Бэрэбиэркэ суоппардар арыгы испэтэхтэрин быһаарбыт дьахтар-пассажир саахал кэмигэр сэрэхтээх буолуу курун иилиммэккэ эрэ кэннигэр олорубут. Суоппардар иккиэн курдарын иилинэ сылдьыбыт буоланнар, улаханнык эчэйбэтэхтэр.
Тойота-массыына суоппарыгар быйылгы дьылга суол быраабылатын кэһиигэ эппиэтинэскэ тардыллыбатах.
Суол быһылааныгар бэрэбиэркэ ыытыллар.
This post was published on 04.04.2022 18:01 18:01