Мэҥэ Хаҥалас улууһугар "Сайын" олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар территория тэриллиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Майа, Нөөрүктээйи, Төҥүлү, Хара, Догдоҥо уонна Аллараа Бэстээх муниципальнай тэриллиилэргэ холбоһуктаах «Сайын» олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар территория баар буолуоҕа. 

Быһаарыы ахсынньы 25 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа ылылынна.

«Сыала Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир кэлим сайыннарыыга хааччыйыы, инвестицияҕа үлэ уонна бизнескэ эбии стимул бэлэмнээһинэ», – диэтэ тустаах мунньахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков.

«Сайын» 32 резиденэ саҥа инвестиционнай бырайыагы киллэрэр туһунан сайаапкалаатылар, уопсай суумата 404,5 мөл солк.

Сүөһү турар хотоннорун, эт сыаҕын, үүт собуотун, бэкээринэ, тэпилииссэ уонна да атын агропромышленнай эбийиэктэри үлэлэтиэхтэрэ. Инвестордар сынньалаҥ баазаларын, массыынаны техническай хааччыйыы ыстаансыйаларын, СИП-панель тутар собуоту, туой иһит оҥорор сыаҕы уонна да атын эбийиэктэри тутар былааннаахтар.

Бырайыак чэрчитинэн 75 -тэн итэҕэһэ суох үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Сиһилии https://ysia.ru/v-megino-kangalasskom-rajone-poyavitsya-territoriya-razvitiya-mestnogo-proizvodstva-sajyn/

This post was published on 26.12.2024 11:06 11:06