Сахабыт сиригэр ыҥырыа диэн мүөтү биэрэр көтөр үөнү иитии улам сыыйа тэнийиэх курдук, саха дьонун интэриэһин бу дьарык тардар буолбута син ыраатан эрэр. Киһи доруобуйатыгар олус туһалаах, эмтээх, иҥэмтэлээх бородууксуйаны оҥорон таһаарыынан дьарыктаныан баҕалаах Мэҥэ Хаҥалас улууһугар сыл аайы эбиллэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтата, чуолаан, тыа хаһаайыстыбатын управлениета мүөттээх ыҥырыаны иитэн, бородууксуйа оҥорон таһаарыан баҕалаах дьоҥҥо туох кыалларынан, сокуон чэрчитинэн, көмө оҥорор.
Сыл аайы Саха сирин таһыттан ыҥырыалардаах бакыаттары (дьиэ кэргэнинэн айаннаан кэлэр уйаларын) атыылаһыыга управление сайаапкалары хомуйан, туһааннаах ыҥырыа иитэр хаһаайыстыбаларга сибээскэ тахсар, кэпсэтиилэри ыытар. Тиэллэн кэлии ороскуотун уйунар.
Быйыл Приморскай кыраайтан ыҥырыалары аҕалыыны тэрийдилэр. Спасскай оройуонтан Кислицыннар бааһынай хаһаайыстыбаларын ыҥырыаларын Роман Кислицын бэйэтэ көрөн-харайан тиэйэн аҕалбытын, бэс ыйын 15 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ үллэстии буолла. Ыҥырыалар уйалара бырысыаптаах массыынаҕа үстүү эрээтинэн дьаарыстанан тиэллэн кэлбиттэр. Ыҥырыалары аҕалбыт ыалдьыты дьаһалтаҕа тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар үлэлэһэр, баһылыгы бастакы солбуйааччы Семен Потапов көрүстэ, кэпсэттэ.
Тиэйэн аҕалыы ороскуотугар улуус дьаһалтата 200 тыһыынча солкуобайы көрөн ыҥырыаһыттарга улахан көмөнү оҥордо. Хас биирдии айаҥҥа туттуллар уйа‒дьааһык сыаната 8-10 тыһыынча солкуобай буолар буоллаҕына, (тиэллиитин соболоҥунуун), чэпчэтиитэ 6-лыы тыһыынча буолбут.
Хара нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Павел Филиппов кэпсииринэн, сорох ыҥырыалар кыайан көппөттөр, олорго уу таһан иһэрдэллэр. Астарын саппааһын мунньуналлар.
«Боруодалара «уһук илиннээҕилэр» диэн. Сибэккилээх хонуулары күнү быһа кэрийэ көтөллөр, күн киирдэҕинэ, сөрүүкээн бардаҕына, айанныыр уйаларыгар (бакыаттарыгар) кэлэн киирэллэр. Айаннара куйааска буоллаҕына, тиэйэн иһээччилэр тохтоон уйаларын аһан ыҥырыаларын көтүтэллэр, бэйэлэрэ сынньанан утуйаллар. Халлаан сөрүүкээтэҕинэ, салгыы айанныыллар. Ыҥырыалары сөптөөх халлааҥҥа үс-түөрт да хонукка көтүппэккэ айанныахха эмиэ сөп», — диир кини.
Павел Филиппов былырыын уонча ыҥырыа дьиэ кэргэнин туппут. Сыл аайы эбии саҥардан биэрэн иһэр.
Салайар үлэҕэ уопуттаах Павел Егорович этэринэн, кынаттаах кыракый мүөтчүттэр түөрт күн айаннаан кэлбиттэр. Өрүс хочотугар илдьэннэр сынньаппыттар, уу иһэрдибиттэр, суруйар https://www.instagram.com/agrarnaya_yakutia/