Саха сиригэр үүнээйи олордуутун үгэнэ. Сир-сир аайы арассаада ылсыыта-бэрсиитэ. Мэҥэ Хаҥалас оҕуруоччуттара онтон туора турбаттар.
Хаптаҕайдааҕы «Дириҥ» ТХПК үлэһиттэрэ быйыл теплицаҕа уонна аһаҕас сиргэ үүнэр оҕурсуну: «Апрельский ТСХ 98», «Зозуля ТСХ 77», «Китайскай», «Стелла», «Парка F1», «Дездемона», «Турнир», помидорга: «Верлиока», «Перемога», «Белый налив», «Бычье сердце», «Скороспелая Сибирская», «Москвич», «Оля», «Дубок», «Яблоки России» диэн суортарыттан, баклажаны, кабачогу, арбуһу, аһыы уонна минньигэс биэрэһи, хаппыыстаны итиэннэ «Астра», «Бархатцы», «Анютины глазки», «Георгины», «Портулак», «Кохия» уо.д.а. сибэкки араас суортарын олордубуттар.
Аһаҕас халлаан анныгар үүнэр култууралары көрөр-истэр звено салайааччыта Наталья Назарова кээпэрэтиипкэ уопсайа 20-чэ киһи үлэлиирин, оттон сайын оҕуруоту бэрийиигэ алталыы, сэттэлии буолан бөлөҕүнэн кыттыһалларын эттэ. Салайааччылара Екатерина Дмитриева.
Биһиги тиийбит күммүтүгэр 800-түү квадратнай миэтэрэ иэннээх теплицаларга хаппыыстаны көрөөччүлэр: Галина Семенова, Юлия Алексеева, Февронья Селлебеева, Сергей Гурьев арассаадалар сыыстарын ыраастыы сылдьаллара.
Теплицалар гаас уматыгынан сылытыллар буоланнар, үүнээйилэри эрдэ көһөрөн киллэртииллэр, онтон бэс ыйын 10-с чыыһылаларыгар буорга таһаарыахтара.
Бу күннэргэ массыынанан кэрийэ сылдьан Майа, Хорообут, Томтор уо.д.а. нэһилиэктэргэ арассаадаларын 35-тии солкуобайга атыылыахтара.
This post was published on 30.05.2016 14:09 14:09