Мэҥэ Хаҥалас улууһун коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтин дириэктэрин солбуйааччы Валерий Ксенофонтов сырдаппытынан, өрөмүөн бырагырааматынан көрүллэр матырыйаал, тэриллэр-тээбириннэр барыта 100 бырыһыан кэлбиттэр. Уопсайа, бырагырааманан оройуоҥҥа 21 мөлүйүөн 751 тыһыынча регион бүддьүөтүттэн тыырыллыбыт. Кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри тиийэр чох саппааһа бары хочуолунайдарга баар. “Сахаспецтранс” тэрилтэ тиэхиньикэтэ таас чоҕу таһар, шлагы тиэйэр.
“СӨ ДьУоКХ” СУТ 29 салаатыгар кыстыкка киириигэ бэлэмнэнии барар. Хотугу улуустарга оттук сезона саҕаламмыта биллэр. Атырдьах ыйын бастакы дэкээдэтинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 66 саҥа хочуол-оһох, 13 горелка туруорулунна, 49,7 км инженернэй уонна 42,7 км ититии ситимнэрэ, 6,5 км ууну биэрэр уонна 0,5 км канализация ситимнэрэ өрөмүөннэннилэр диэн хаһаайыстыба пресс-сулууспата чуолкайдаабыта.
Томороон тымныылаах унньуктаах уһун кыһыммытыгар тутаах дьоммут – дьиэбит-уоппут сылаас буоларын, туттуллар уунан тиһигин быспакка хааччылларын туһугар үлэлиир-хамсыыр коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин үгэнигэр сылдьаллар. Турбаларга, ититии бэриллэр тыраассаларыгар, хочуолунайдарга өрөмүөн, саҥардыныы үлэлэрэ күүскэ бара туралларын ааһан да иһэн киһи көрөр-истэр. Онно-манна генератор бөтүөлүү тыаһаан, сыбаарка уота сардырҕыыр.
— Хочуолунайдарга сүрүннээн араас таһымнаах өрөмүөннэр ыытыллаллар, — диэн кэпсээтэ атырдьах ыйын бүтэһигэр Валерий Валерьевич. – Араас бытархай үлэлэр, кырааскалааһыннар, турбалары, тэриллэри көннөрүүлэр, ыраастааһыннар, турбалары, фильтрдары сууйуулар, задвижкалары бэрэбиэркэлээһиннэр уонна да атын оннук хабааннаах үлэлэр бараллар. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр диэри оттуу сезонугар бэлэм буолуохтаахпыт. Тыраассаларга саҥардыныы баар. Д.Ф.Ходулов аатынан тутуута ситэн эрэр саҥа култуура дыбарыаһыгар саҥа тыраасса тардыллар. Саҥа тыраассалар Исаев аатынан уулуссаҕа тутуллубут элбэх кыбартыыралардаах икки дьиэҕэ эмиэ тардыллыбыттара. Саҥардыныыга өссө саҥа носуоспут бу күннэргэ кэлэн туруорулунна.
Валерий Ксенофонтов икки саҥа гаас хочуолунайа тутулларын эттэ. Доллу уонна Араҥас нэһилиэктэригэр биирдии гаас хочуоллара үлэлээн барыахтара. Тумулга 3 хочуолтан биир гаас гиэнэ буолан үлэлиэҕэ. Таракка эмиэ үс баарыттан биир гаас хочуола буолар. Үп-харчы тиийбэтинэн, көһүүтэ эһиилги былааҥҥа сылдьар. Хара нэһилиэгэр баар хочуолунай, эбийиэктэрэ арахсыбыттарынан сибээстээн (улахан социальнай тутуулар Үрдьүҥэхтээххэ тутулланнар), бу кыстыкка сабыллар. Тэрилэ-тээбиринэ атын хочуолларга саппааска туһаныллыахтаах.
— Ниэбинэн оттуллар хочуолунайдарбытын барытын таас чоххо көһөрдүбүт, — диэн салгыы кэпсиир дириэктэри солбуйааччы. – Былырыын үһү Төхтүргэ, Хорообукка, Ороссолуодаҕа көрөбүппүт. Билиҥҥитэ, Өлөчөй хочуолунайа хаалан турар, оттуу сезонугар чоххо көһөрүллүөҕэ.
Бэлэмнэнии үлэтин 100 бырыһыаҥҥа чугаһаттыбыт диэн бэлиэтиир Валерий Ксенофонтов. Балыктаах хочуолунайыгар улахан үлэ барбыт. Турар сирин аттыгар саҥа куорпуһу тутаннар, хочуоллар онно көһөрүллэллэр. Мэҥэ нэһилиэгин хочуолунайа оттугун оттуута механизациялааҕынан биллэр. Манна Харбалаах чоҕун аҕалаллар. Балыктаахха эрэ Харбалаах таас чоҕо аҕалыллар. Ааспыт кыстыкка улахан тымныы кэмигэр Хорообут хочуолунайыгар Кангалас чоҕор “көмөлөһүннэрэ” Харбалаах чоҕун аҕала сылдьыбыттар эбит.
Балыктаахха маастар Иван Ноговицын салалтатынан 8 элбэх кыбартыыралардаах уонна 6 чааһынай дьиэлэргэ тиийэр 888 миэтэрэ уһуннаах 1980-с сыллардааҕы турбалары уларыппыттар.
Моорук нэһилиэгэр турар хочуолунай хаарбах туруктаах. Ону эмиэ гаас оттукка көһөрүллүөхтээҕэ, үп-харчы тиийбэтинэн эһиилгэ көспүт. Кыстыкка эргэ хочуоллары үлэлэтэллэр. Саҥа носуостары Майа “Кыбартаалынай” уонна “Майятехснаб” хочуолунайдарга туруорбуттар. Томторго, Чыамайыкыга, Бырамаҕа буруо носуостара уларытыллыбыттар. Майаҕа үс хочуолунайга биирдии оһоҕу уларытыы барбыт: “Кыбартаалынайга”, “РИК”-кэ уонна “Гостиницаҕа”. Чыамайыкыга уонна Маттаҕа иккилии хочуолу уларытыы үлэлэрэ бараллар. Уопсай уһуна 1 км 98 м усталаах тыраасса тардыллан, билигин бүрүйүү үлэтэ ыытыллар.
600-тэн тахса киһилээх кэлэктиип 2020-2021 сыллар кыстыктарыгар бэлэмнэнэн үлэлии-хамсыы сылдьар.
This post was published on 03.09.2020 11:01 11:01