Мэҥэ Хаҥалас улууһугар браконьердар тутулуннулар. Саалара былдьанна

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар экологияны кэтээн көрөр инспектордар уонна Росгвардия ОМОН-ун байыастара холбоһуктаах рейд ыыттылар. Бултааһыҥҥа сокуону кэһии түбэлтэлэрэ бэлиэтэннэ, тустаах биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт рейд түмүгүнэн, түөрт киһи булка көҥүлэ суох сылдьара билиннэ, үс киһи бултааһыҥҥа техниканы уонна сырдатар тэрили туттан эппиэтинэскэ тардылынна, түөрт саа былдьанна. Маны сэргэ көҥүлэ суох мас кэрдиллибит сирэ булулунна, административнай докумуон оҥоһулунна.

Нуораҕанаттан чугас тустас бултаммыт, кыыл этэ полицияҕа тиксэрилиннэ, буруйдаахха салгыы миэрэ ылылларыга үлэ саҕаланна. Өссө биир сибиэһэй кыыл этэ Бүтэйдээхтэн чугас быраҕыллыбыт ампаарга уурулубут. Манна ботуруоннаах батарантаас уонна бэйэ оҥоһуута сырдатар тэрил булулунна.

This post was published on 22.09.2020 12:01 12:01