Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр, Саха АССР үтүөлээх учуутала, СӨ Учууталларын учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нөөрүктээйи нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Василий Оконешников сырдык аатын, үлэтин-хамнаһын, мөссүөнүн үйэтитэр пааматынньык арылынна.
Сытыы тыаллаах күнү аахсыбакка ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, Василий Николаевич үөрэнээччилэрэ, алтыспыт үөлээннээхтэрэ, Нөөрүктээйи олохтоохторо кэлэннэр кини аатын сүгэр оскуола тиэргэнигэр мустан пааматынньыгы үөрүүлээх быһыыга арыйдылар.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, Нөөрүктээйи баһылыга Николай Федоров, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матвей Мучин, СӨ «Ытык сүбэтин» бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева, улуустааҕы үөрэх салалтатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Скрябин, оскуола дириэктэрэ Валерий Петров тыл этэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Василий Николаевич олоҕун аргыһа Надежда Никитична, оҕолоро, сиэннэрэ бу сүдү пааматынньыгы оҥорууга үлэлэспит бар дьонноругар истиҥ махталларын тиэртилэр.
50 сыл педагогическай ыстаастаах, онтон 45 сылын Павловскай орто оскуолатыгар черчение учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Василий Николаевич Оконешников өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн Арассыыйаҕа биллэр чертежниктары,тутааччылары, архитектордары уһуйан таһаарбыта.
Пааматынньык оскуола выпускниктарын көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэ өйөбүлүнэн үп-харчы хомуллан уонна Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллан күн сирин көрдө.
Бырайыак ааптардарынан архитектор, Арассыыйа архитектордарын сойууһун чилиэнэ, Василий Николаевич үөрэнээччитэ Сергей Лукин уонна биллэр скульптор, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ Павел Чямпин буолаллар.
Ытык киһибит сырдык мөссүөнэ оскуола иннигэр туран өссө да уһун сыллар тухары үгүс көлүөнэ ыччаты сырдыкка, үрдүккэ сирдии, кэрэҕэ угуйа турдун!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата