Аллараа Бэстээхтээҕи тимир суол техникумун аҕыраадатыгар иҥнибит туртаһы улуустааҕы инспектордар босхолоотулар. Ол туһунан СИА-ҕа биологическай ресурсаларга дирекция иһитиннэрдэ.
Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ орто үөрэх кыһатын аҕыраадатыгар иҥнибит туртаһы Мэҥэ Хаҥаластааҕы инспекция экологияны кэтээн көрүү инспекторадара уонна биоресрусаларга, айылҕа пааркаларыгар Дирекция исписэлиистэрэ быыһаатылар.
Инспектордар кыылы кэтээн көрөн баран, кини олоҕор куттал суоһаабатын эттилэр. Бөһүөлэктэн 10 км ыраахха илдьэн көҥүлгэ ыыттылар.
This post was published on 10.04.2020 16:01 16:01