Мэҥэ Хаҥалас эр дьоно субуотунньукка түмсэллэр

Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар кыстыкка бэлэмнэнии үгэнэ, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгин тэрилтэлэрин үтүө сүрэхтээх эр дьоно түмсэн олохтоох бэтэрээннэргэ уонна кырдьаҕас кыаммат араҥаҕа мас хайытан, кыстаан субуотунньук тэрийдилэр, дьон махталын ыллылар.

This post was published on 30.10.2023 13:13 13:13