Мэҥэ Хаҥалас элбэх оҕолоохторугар ‒ уһаайба

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар техникумугар улуустааҕы сири бас билии агентствотын тэрийиитинэн үс уонна үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин сиригэр-уотугар учаастактары үллэрии сэрэбиэйэ ыытылынна.


Бу күн техникум аактабай саалатыгар уһаайба ылыахтаах 80 дьиэ кэргэн муһунна. Сэрэбиэйи агентство салайааччыта Дмитрий Тихонов иилээн-саҕалаан ыытта. Атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, улууспутугар 650 элбэх оҕолоох ыал учуокка туруоруллубут, кинилэртэн 212 дьиэ кэргэн ‒ үстэн элбэх оҕолоох. Быйылгы сылга улуус баһылыгын анал былаана бигэргэнэн, сир учаастагын ылыыга сайаапка биэрбит элбэх оҕолоохторго балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри сири үллэрии сэрэбиэйдэрин ыытыы соруга турар.

«Биллэн турар, дьон-аймах киин сиргэ, Аллараа Бэстээххэ талаһар. Улуус киинигэр сир ылыан баҕалаахтар ахсааннара билигин даҕаны элбии турар. Ол эрээри, бөһүөлэккэ үллэрэр сирбит аҕыйах, баҕалаахтарга барыларыгар тиийбэт. Кэлэр сылга элбэх оҕолоохтору уһаайбанан хааччыйар сыалтан эбии ойуур сирин көһөртөрөн докумуоннарын оҥотторуохпут», ‒ диир Дмитрий Иванович.

Күн-бүгүн бэриллибит уһаайбалар бөһүөлэк хоту өртүгэр Халыма федеральнай суол кытыытыгар тураллар. 30х40, 1200 суотай иэннээх уһаайбаларга Ил Дархан бырайыагын быһаарыытынан электро-уот, гаастааһын, суолун-ииһин оҥоруу үлэлэрэ саҕаланыахтара.

Людмила ШАРИНА, биэс оҕолоох ыал ийэтэ: «Биһиги Мэлдьэхситтэн сылдьабыт. Кэргэмминээн Владислав Шаринныын 5 оҕолоохпут. Бу бүгүн кыра кыыспыт Галя кэлэн сэрэбиэйгэ уһаайбабыт нүөмэрин тарта. Хаартаҕа көрүүбүтүнэн ‒ үчүгэй сир, суолтан чугас эбит. Сайаапкабытын икки сыл анараа өртүгэр биэрбиппит. Иллэрээ сыл биэстэн элбэх оҕолоохторго 1,5 мөлүйүөн солк. көмө харчыны ылан эмиэ үөрбүппүт-көппүппүт. Судаарыстыба өртүттэн элбэх оҕолоохторго маннык үчүгэй бырайыактар үлэлииллэрэ олус көмөлөөх, инникигэ эрэли үөскэтэр. Онон улууспут салалтатагыр, агентство үлэһиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит«.

Алексей ИЛЛАРИОНОВ, биэс оҕолоох аҕа: «Майа олохтоохторобут. Улахаммыт үрдүкү кылааска үөрэнэнэр, кырабыт 2,5 сааһа. Кини төрүөҕүттэн уһаайба ылыыга уочаракка турбуппут. Төһө да үп-харчы кырыымчык буоллар, бырагыраама быһыытынан үс сыл иһигэр сыыйа-баайа уһаайбаны туһаҕа таһааран тутуулары ыытыахтаахпыт. Оҕолорбут улааттахтарына сир, дьиэ-уот хайаан да наада. Онон элбэх оҕолоох аҕалар ааттарыттан өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салалталарыгар махталбытын тиэрдэбит«.

This post was published on 23.08.2016 13:39 13:39