Улууска сылын аайы ыытыллар «Социальнай хантараак» бырагыраама баар буолан эдэр саҕалааччыларга көмө-тирэх буолара саарбаҕа суох. Ол курдук маннык өҥөнү туһанан нэһилиэк кэскиллээх ыччата Александр Говоров урукку баанньыгы саҥардан уонна онно эбии «прачечнай» салҕыы тутан үлэтин саҕалаата, диэн Эркээйи суруйар.
Сэтинньи 18 күнүгэр дьоҕус тэрилтэ арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста, тэрээһини Алексей Говоров иилээн-саҕалаан ыытта. Александры бу күн олохтоох дьаһалта аатыттан баһылык солбуйааччыта Александр Сергучев эҕэрдэлээн туран, быйыл нэһилиэккэ барыта 4 ыал соцконтрагынан туһаммыттарын, И.М.Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын дириэктэрэ Михаил Макаров олус туһалаах дьоҕус тэрилтэни аспытын, оскуола интэринээтин иитиллээччилэрэ баанньыкка босхо сууналларын иһитиннэрдилэр.
«Прачечнай» арыллыытын сиэрин-туомун нэһилиэк кырдьаҕастарын Сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, спордун бэтэрээнэ, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, СӨ үөрэҕирии систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ Иван Ермолаев оҥордо, култуура дьиэтин, мусуой, модельнай бибилэтиэкэ кэлэктииптэрин ааттарыттан Акулина Митрофанова эҕэрдэлээн туран сэмэй бэлэхтэрин туттарда, «прачечнай» аһыллыытын туоһулуур аалай кыһыл лиэнтэни Александр Говоров, Александр Сергучев уонна тутууга көмөлөспүт Иван Федотов быстылар.
Онтон Александр туох санааттан маннык тэриммитин: «Былырыын Томторго бара сылдьан көрбүтүм уонна тоҕо биһиэхэ эмиэ сатаныа суо5ай, нэһилиэгим дьонугар туһалаах буолаарай дии санаабытым уонна соцконтракт диэн баарын истэн, сэргээн, толкуйдаан баран киирсэргэ санаммытым», ‒ диэн кэпсиир. Бу күн эрдэ биллэрбит акциятынан икки бастакы кэлбит Матрена Винокуроваҕа уонна Владимир Кулаковскайка буор босхо таҥастарын сууйтаран биэрдэ.
Бу курдук аныгылыы өйдөөх-санаалаах ыччаттарбыт нэһилиэкпит сайдарыгар күүс-көмө буоллуннар, онтон Александр Говоровка тобулбут толкуйа сайдан, кэҥээн иһэригэр баҕарабыт.
Лилия Колосова, олохтоох мусуой исписэлииһэ
This post was published on 22.11.2022 10:05 10:05