Мэҥэ Хаҥалас 31 нэһилиэгэ айар талаанын көрдөрдө

Дьокуускайга Мэҥэ Хаҥалас күннэрин чэрчитинэн «Оһуор-мандар түһүлгэтэ» диэн улуус уран тарбахтаахтарын, уустарын, айар талааннаахтарын быыстапката буолла. Улуус 31 нэһилиэгиттэн кытыннылар.


«Симэх» норуот ускуустубатын киинин салайааччыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх деятеля Александр Гоголев Төҥүлү нэһилиэгин тимир ууһугар Устин Борисовка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара» үрдүк ааты иҥэрдэ, түөскэ кэтиллэр бэлиэни уонна дастабарыанньаны туттарда.

Бастыҥнар бииртэн биир тупсаҕай оҥоһуктарын дьон сэргии көрдө. «Бу быыстапканы туоруорбут Олоҥхо дьиэтин кэлэктиибигэр, дириэктэр Евдокия Ивановаҕа муҥура суох махтанабыт», — диэтилэр.

This post was published on 25.03.2016 16:08 16:08