Саха уобалаһын губернатора И.И.Крафт уурааҕынан 1909 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр (аныгы стилинэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр) Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ тэриллибитэ. Нэһилиэк тэриллиитигэр элбэх үлэни олохтоохтор итэҕэллээх киһилэрэ Аммосов Евсей Никифорович (1862-1942) ыыппыта. Нэһилиэк ыстаарыһаларынан Неустроев Ипатий Иосифович (1909-1912), Аммосов Евсей Никифорович (1912-1915), Колодезников Евсей Федорович (1915-1917) талыллан үлэлээбиттэрэ. Бу ытыктанар-сүгүрүйэр дьоҥҥо Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 1979 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар көҕүлээһиннэринэн өйдөбүнньүк мэҥэ таас туруорулунна.
Мэҥэ таас аһыллыытыгар Мэҥэ Алдан нэһилиэгин баһылыга Ю.Ю.Комиссаров, онус кылаас үөрэнээччитэ Ольга Колодезникова, 1979 сыллаах выпуск аатыттан А.Н.Ефимов аалай кыһыл лиэнтэни быстылар. Үтүө дьыала эстафетата эһиилги үбүлүөйдээх выпустарга бэрилиннэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһини нэһилиэк түөлбэлэрин олохтоохторо күһүҥҥү айылҕа араас матырыйаалыттан көстүүм оҥостон быраһаанньыктааҕы карнавалы сэлэлии хаамыынан астылар. Культура уонна сынньалаҥ пааркатыгар түөлбэ олохтоохторо сайын устата көрөн-харайан үүннэрбит оҕуруот аһын быыстапкатыгар, авангарднай муода, массыына көлөтүн айылҕа дьикти матырыйаалларынан киэргэтиигэ күрэхтэстилэр. “Чараҥ» (сал. Аммосова Е.П.), “Сарыал” (сал. Тарабукина И.И.), “Кытыл” (сал.Тырахинова Н.И.), “Алдан” (сал. Третьякова А.Х.) түөлбэ олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күрэх түмүгүнэн, “Күһүн бэлэҕэ» остуол сервировкатыгар “Чараҥ» түөлбэ, “Бастыҥ оригинальнай бүлүүдэ” — “Кытыл” түөлбэ, “Бастыҥ киэргэтиллибит массыына көлөтө» — “Сарыал” түөлбэ, “Бастыҥ авангарднай көстүүм» — “Чараҥ» түөлбэ кыайыылаахтарынан ааттаннылар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Мэҥэ Алдан олохтоохторун өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн Томпо оройуонун баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы Р.Г.Атаков, Мэҥэ Алдан нэһилиэгин баһылыга Ю.Ю.Комиссаров эҕэрдэлээтилэр. “Мэҥэ Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” аат аҕа саастаах дьоҥҥо Колодезникова А.А., Егорова Е.А. иҥэрилиннэ. Нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылаатын иһин бэлиэнэн “Кыымчаан” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Я.В.Захарова, олох-дьаһах уонна коммунальнай хаһаайыстыба тутаах үлэһитэ П.Е.Протопопов, Мэҥэ Алдан нэһилиэгин дьаһалтатын бочуотунай грамотатынан кинематография бэтэрээннэрэ А.В.Аммосова, М.И.Колодезникова, олох-дьаһах уонна коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ Кривошапкин А.Д., Ордахова А.Р., Потапов В.В., Томтосов С.С. наҕараадаланнылар. Бу сайын Крымҥа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы «Алтын-Майдан» фольклорнай фестивальга ситиһиилээхтик кыттыбыт «Иэйии», «Үрүҥ Уолан” (сал.Колодезникова З.И.) ансаамбылларга, түөлбэ салайааччыларыгар бастыҥ үлэлэрин иһин махтал сурук туттарылынна.
Баһылык Ю.Ю.Комиссаров Томпо оройуонун баһылыга Я.И.Степанов бочуотунай грамотатынан уонна илиигэ кэтэр хары чаһынан бэлиэтэннэ. Бырааһынньыктааҕы кэнсиэри П.П.Колодезников аатынан оҕо искусство оскуолатын вокал салаатын кыргыттарын, «Чараҥ» вокальнай ансаамбыллара, Акулина Тарасова, Юрий Винокуров, Даяна Потапова, Альберт Захаров, Линда Захарова нарын ырыалара киэргэттэ.
Саха народнай суруйааччыта Е.Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр түмэлгэ икки саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бастакы кинигэ — ”Томпо оройуонун Алдан эҥэринээҕи нэһилиэктэрин нэһилиэнньэтэ (XIX-XX үйэтээҕи биэрэпистэр түмүктэрэ)». Ааптардар — Н.С.Николаев, Н.Е.Ефимов. Кинигэҕэ билиҥҥи Томпо оройуонун Байаҕантай, Мэҥэ Алдан, Саһыл, уонна Ыҥаа нэһилиэктэригэр XIX-XX үйэлэргэ ыытыллыбыт биэрэпистэр түмүктэринэн манна олорбут нэһилиэнньэ толору испииһэктэрэ киирдилэр. Кинигэ сүрүн соруга төрүччүнү үөрэтиигэ көмөлөһүү. Олохтоох музей үлэһиттэрэ Тарасова З.Д., Ефремова А.П., Комиссарова М.Г. нэһилиэк салалтатын кытта бииргэ нэһилиэк төрүччүтүн электроннай архыыпка оҥорууга күүскэ үлэһэллэр. Олунньу ыйга “Томпо оройуонун олохтоохторун төрүччүтүн электроннай архыыпка оҥоруу» аһаҕас семинар-мунньах нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын, Е.П.Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыта. Хотугу норуоттар генеалогиятын уонна этнологиятын научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ К.И.Аргунов кинигэ ааптардарыгар Саха Республикатын наукатын Академиятын аатыттан бочуотунай грамота туттарда. Николай Степанович Николаев Томпо оройуонун социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылаатын иһин бэлиэнэн наҕараадаланна. Олохтоохтор бу тэрээһин чэрчитинэн төрүччү форумугар кыттарга бэлэмнэрин эттилэр.
Иккис кинигэ «Сырдаабыт кыргыттара кэпсииллэр”, ааптардар С.А.Винокурова-Сырдаана, И.Е.Саввина-Сырдаабыт, Е.К.Винокурова. Кинигэ Мэҥэ Алдан нэһилиэгин 110 сылыгар анаммыт. Ааптардар Сырдаабыт диэн кэрэ ааттаах сиртэн төрүттээхтэр. Үс айар куттаах дьон холбоон таһаарбыт кинигэтигэр публицистика, уус-уран айымньылар, суоллааҕы бэлиэтээһиннэр, ыстатыйалар киирбиттэр. Бу – былыргы, аныгы олох туһунан кэпсээннэр, оройуон, нэһилиэк олоҕун хаамыыта, айан бэлиэтээһиннэрэ, о.д.а. суруйуулар. Ааҕааччылар тус бэйэлэрин баҕа санааларын тиэртилэр, идэлээх дьон сыанабыллара ааҕылынна. Сырдаабыт, Мэҥэ Алдан туһунан ырыалар толоруннулар. Тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.
Мэҥэ Алдан кэрэ айылҕатын хоһуйбут олохтоох хоһоонньуттар айымньыларыгар олоҕуран «Төрөөбүт дойдум кэрэ көстүүтэ» театрализованнай туруорууга (реж. Р.Е.Тырахинов, режиссер көмөлөһөөччүтэ Л.С.Захарова) нэһилиэк 250 тахса олохтооҕо, оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ кыттыыны ылла. Дьыл түөрт кэмин уларыйа турар тыыннаах хартыыната уот-күөс көмөтүнэн биир тыынынан көрдөрүлүннэ.
Үбүлүөйдээх күнү түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Н.И.Колодезников аатынан культура дьиэтин иннигэр дьон тоҕуоруһа муһунна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Российскай Федерация художниктарын Союһун чилиэнэ, П.П.Колодезников аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар өр сылларга үлэлээбит Роман Романович Ефимов идеятынан былырыын күһүн тутуллубут «Аан дойду дьиктилэрэ» сквер-комплекс бастакы тутуутун Эйфель башня уотун уматыы буолла. Башня уота умайаатын кытта, күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа чаҕылхай салют өрө күлүмүрдээтэ. Эйфель башня макет уотун Ю.Комиссаров, В.Колодезников, А.Ефремов оҥордулар.
Күһүҥҥү айылҕа кэрэ көстүүтүн кэмигэр үлэһит, үтүөкэн дьоннордоох Мэҥэ Алдан нэһилиэгин үбүлүөйдээх күнэ өрө көтөҕүүлээхтик ааста.
Ааптар: Лена Слепцова, Томпо улууһа.
This post was published on 17.09.2019 11:01 11:01