Мэҥэ Алдан хайысхатынан «Халыма» суолун учаастага сабылынна

Бүгүн Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар халааннаан, бу нэһилиэк хайысхатынан ааһар «Халыма» федеральнай суолун учаастагар уу киирэн, сабылынна. 


Бу туһунан ГИБДД сулууспата биллэрдэ. «Халыма» федеральнай суолтан Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ 3 км тэйиччи турар.

«Алдан өрүһүнэн айан-сырыы тохтоон турар. Паром сырыыта муус бардаҕына олохтонуоҕа», — диэн СИА иһитиннэрэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

This post was published on 16.05.2018 21:08 21:08