Томпо улууһун Мэҥэ Алдан уонна Кэскил сэлиэнньэлэригэр бырабыыталыстыба отчуотугар хочуолунайдар үлэлэрин туруорустулар. Саҥа коммунальнай эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ чааһынай дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр холбонуохтара, суруйар СИА.
Бырабыыталыстыба отчуотун туруорар бөлөх салайааччыта, ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельянов бэлиэтээбитинэн, Мэҥэ Алдаҥҥа маннык эбийиэк тутулларыгар бастаан бырайыактыыр-сметалыыр докумуон наада, чинчийэр үлэлэр ыытыллыахтаахтар, судаарыстыбаннай экспертиза ылыллыахтаах, ол кэннэ үбүлээһин ханнык бюджеттан буолара быһаарыллыахтаах.
«Хочуолунай ОДьКХ инвестициялыыр бырагырааматын чэрчитинэн тутуллуон сөп, бюджет үбүттэн көрдөрөн — бу муниципальнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи эбэтэр федеральнайдааҕы. Билигин биһиги территориялары сайыннарар пуонданы кытта үлэлиэхпит», — диэтэ Вячеслав Емельянов.
Маннык балаһыанньа Кэскилгэ эмиэ бэлиэтэнэнр. Хочуолунай тутулуннаҕына чааһынай сектор эрэ буолбакка, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраамата үлэлииригэр кыаҕы биэрэр.
Маны сэргэ миниистир эппитинэн, регион бырагырааматын чэрчитинэн коммунальнай инфраструктураны саҥардыыга икки сыл устата уу ситимнэрин, итиини биэрэр систиэмэни, уунан хааччыйыы тупсарыллыахтаах.
«Кэскилгэ бу сылга федеральнай өйөбүл былааннанар, кээмэйэ 60%. Былааннаммыт биэс килэмиэтир итиини биэрэр ситимтэн үс килэмиэтиртэн ордугун саҥанан уларытыахтара», — диэтэ Вячеслав Емельянов.
This post was published on 16.02.2023 10:06 10:06