Байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ Саха сиригэр 11 социальнай миэрэ баар. Дьокуускай Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин эппитинэн, хомуурга ыҥырыллыбыт дьону өй-санаа өттүнэн өйөөһүн сүрүн соруктартан биирдэстэрэ, суруйар СИА.
«Өй-санаа өттүнэн өйөөһүн наһаа наадалаах. Тоҕо диэтэххэ, байыаннай дьаһал соһуччу кэлбитэ. Дьон эйэлээх олоххо олорбута, онон маннык балаһыанньаны ылынар ыарахаттардаах. Саллааттар кинилэри дьиэлэригэр күүтэллэрин билиэхтээхтэр. Онон өйөбүл олус наадалаах. Билигин кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө эмиэ олус наадалаах. Оройуон баһылыктара бу соругу тута илиилэригэр ылан, үлэлээн барбыттара сөптөөх», – диэтэ Матвей Лыткин.
Кини уулуссаҕа көрдөрүүгэ туруоруллубут баннердар ыччаты анал байыаннай дьаһал туһунан өйдөбүлгэ болҕомтолорун тардыахтара. «Баннердар норуоту сомоҕолууллар. Ыччат туола турар балаһыанньа туһунан билиитэ кыра, кинилэр билиэхтээхтэр. Агитациялыыр былакааттар болҕомто ууруутугар көмөлөһөллөр», – диэтэ кини.
This post was published on 26.10.2022 11:33 11:33