«Кэлэр уон сыл бүтүүтэ Россия 80 саастарын аһарбыт дьон “80+” кулууптарыгар эрэллээхтик киириэҕэ”, — диэтэ Россия бэрэсидьиэнэ Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр. Матвей Лыткин этэринэн, бу сыал арыгылааһыны утары бэлиитикэ сөпкө ыытылыннаҕына эрэ кыаллыаҕа.
“Статистика чахчытынан, Россияҕа олох орто уһуна 71,87 сааска тэҥнэһэр. Саха сиригэр бу көрдөрүү арыый намыһах – 70,29 саас. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин экспердэрэ сыаналыылларынан, арыгы бородууксуйатын көҥүллэнэр кээмэйинэн иһиини аһары барыы омук доруобуйатыгар олус кутталлаах уонна бу нуорманы кэстэххэ эр киһиттэн 11 ый уонна дьахтартан 4 ый көҕүрүүр.
Аан дойду статистикатыгар олоҕурдахха, арыгыны иһии 2 мөлүйүөн киһи өлүүтүгэр уонна сыллата аан дойду үрдүнэн ыарыы 4 бырыһыан үөскээһинигэр тириэрдэр”, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин Анал этиитин туһунан санаатын үллэстэригэр Арыгыны судаарыстыбаннай хонтуруоллааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи управлениетын салайааччыта Матвей Лыткин.
This post was published on 05.03.2018 17:45 17:45