Массыынатын суут бириистэбэ туппутугар биирдэ алименын төлөөбүт

Дьокуускай куорат суут бириистэбин көмөтүнэн алимеҥҥа 175 тыһ солк иэстээх киһи массыынатын туппуттарын эрэ кэннэ харчытын биэрбит. 


Оһуобай ураты суолталаах дьыаланан суут бириистэбэ сокуоннай сааһын туола илик оҕотугар көрүллэр алименын төлөөбөккө сылдьар Дьокуускай олохтооҕор суут быһаарыытын толоттордулар. Бэриллиэхтээх харчы — туһааннаах киһи бары хамнаһын ¼ чааһын ылар, суумата — 175 тыһ солк.

Иэстээх киһи эрдэ бэйэтин баҕа өттүнэн суут быһаарыытын толорууга туох да миэрэ ылбатах. Үлэтэ суох диэн официальнай статустаах сылдьыбыт. Алименын кээмэйиттэн ханнык эрэ кыра чааһын төлөөбүт.

Онон суут бириистэптэрэ иэстээх киһи баайын-дуолун бэрэбиэркэлээбиттэрин түмүгэр, Тoyota Allion мааркалаах массыыналааҕа биллибит. Бириистэп массыынаны тутан ыларга уураах таһаарбыт. Ол эрэ кэннэ техникатын кытта арахсар санаата суох буолан, кылгас кэм иһигэр иэһин толору төлөөбүт.

This post was published on 13.11.2020 12:02 12:02