Массыына пааспара электроннай көрүҥҥэ көһөр

Техника пааспарын (ПТС) оҥоруу электроннай көрүҥҥэ көһөр. Эрдэтээҥи кумааҕы пааспардар суоппар бэйэтин баҕа өттүнэн сыыппараҕа уларытыар диэри дьииҥнээҕинэн ааҕыллаллар. Бырабыыталыстыба уурааҕа сэтинньи 1 күнүттэн олоххо киирдэ.


Кумааҕы ПТС-калаах суоппардар докумуоннарын сыыппараҕа хаһан көһөрөллөрө бэйэлэрин баҕаларынан оҥоһуллар. Саҥа массыыналарга сыыппара пааспардар тута бэриллэллэр. Дилердар дьарыктаналлар, ол эбэтэр атыылаһааччы массыына ыларыгар атыы дуогабарыгар пааспарын нүөмэрэ сурулла сылдьыахтаах.

Тас дойдуттан киллэриллэр биирдиилээн массыыналарга ПТС-каны таможняны аһардыы докумуоннаһыытын кэмигэр чинчийиини ыытар лаборатория ыытыахтаах. Госпошлина — 600 солк.

Саҥа киирии Евразийскай экономическай сойуус бары дойдуларын хабар. Ол эбэтэр Россия таһынан Армения, Беларусия, Казахстан уонна Киргизия бу ирдэбили тутуһаллар. ЕАЭС салалтата маннык быһаарыыны техника эргиирин судургутутар сыалтан ылыммыта.

Россиятааҕы сокуону оҥорооччулар саҥа быраабылаларга бэлэмнэниини эрдэттэн ыытан, нуорма баазата суруллубута. Онон электроннай ПТС киириитэ, бэлэмнэнии бэрээдэгинэн, былырыыҥҥыттан үлэлиир, биир сыл иһигэр 1,4 мөл тахса киһи туһанна.

This post was published on 02.11.2020 14:02 14:02