Быйыл кулун тутар саҥатыгар норуот маастардарын V өрөспүүбүлүкэтээҕи форумугар «Якутия мастеровая» 7-с быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Уус Алдан Өлтөх нэһилиэгин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо Николай Пестряков оҥорбут 4 м курдук үрдүктээх сүүнэ улахан хотойун үгүс киһи сэргии көрбүтэ.
Николай Пестряков 73 саастаах, бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Бэйэтэ этэринэн, «таах олоруохтааҕар» Николай Гаврильевич уһанар эбит. Онто да мээнэ уһаныы буолбатах — маһынан кыһан, көтөр оҥорор. Бу хотой оҥоһугун тохсунньуттан саҕалаабыт. Үс ый иһигэр: «Дьэ, дьону-сэргэни сөхтөрөрүм буолуо ээ…» — диэн эрдэттэн оҥостон олорон оҥорбут оҥоһуга, кырдьык да, үгүс киһин сөхтөрбүтэ!
Хотойун моһуонун маһынан кыһан оҥорон бэлэмнээбит. Онтон көтөр кынатын бастаан кумааҕыга уруһуйдаан баран, хотой уопсай макетын оҥорбут. Хотойун оҥороругар бэс маһы сытыы устурууһунан устуруустаабыт. Ол кэнниттэн устуруускаларын килиэйдииргэ сөптөөх гына кырыйан баран, кырааскалаабыт. Онтон мас устуруускаларын ылан биир-биир «столярнай» килиэйинэн килиэйдээбит. Этэн кэбистэххэ дөбөҥүн иһин, бу олус бириэмэни эрэйэр үлэ буолара чахчы.
«Киһи барыта оҥоруон сөп эрээри, маһы талыыга уустуктардаах. Бэс мас үөһэ эрэ өттө барар, аллара өттө туһата суох», — диэн этэр норуот маастара. Биллэн турар, хотой сүрүн «аксессуара» — тыҥыраҕа. Манна халыҥ пластмаһы туттубут.
«Аны кыталыктар үҥкүүлэрин оҥоруохпун баҕарабын. Иллээрэ сыл хаар эбэни, былырыын хара улары, мэкчиргэни оҥорбутум. Быйыл – бу хотойу. Тыа улахан кыылларыгар арыыйда үөрэнэ түһэн баран киирсиэм», — диир норуот маастара.
This post was published on 23.05.2017 14:24 14:24