Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков кыттыылаах «Манчаары оонньууларын» чэрчитинэн ыытыллыбыт Саха сирин спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыы тула мунньахха мас тардыһыытын 2036 сылга Олимпийскай оонньуулар кэккэлэригэр киллэрэр туһунан кэпсэттилэр.
Сүрүн дакылаата Ил Түмэн дьокутаата, ыччат дыалаларыгар уонна физкультураҕа, спортка кэмитиэт салайааччыта Михаил Гуляев оҥордо.
«2036 сылга мас тардыһыыта Олимпийскай оонньуулар кэккэлэригэр киирэригэр үлэ торумнанан турар. Элбэх үлэ күүтэр. Мас тардыһыыга норуоттар ардыларынааҕы таһымнаах национальнай спортивнай федерация 100-тэн итэҕэһэ суох буолуохтаах. Итини таһынан инфраструктура сайдыахтаах, норуоттар ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэти кытары үлэ барыахтаах», — диэтэ Поздняков.