29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Мас тардыһыытыгар Европа турнирын кыайыылаахтарын чиэстээтилэр

17:17, 28 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Грузия Батуми куоратыгар ыытыллыбыт Европа чемпионатыгар кыайыы көтөллөнөн кэлбит спортсменнары чиэстээтилэр.


От ыйын 22-24 күннэригэр Батуми куоракка уон араас дойдуттан 79 спортсмен мас тардыста. РФ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбит 22 спортсментан 17-тэ сахалар.

Россия хамаандата уопсайа 21 мэтээли ылла: саха аҕыс мадьыныта кыһыл көмүс, үс спортсмен үрүҥ көмүс, биэс – боруонса мэтээллэри кэттилэр.

Европа чөмпүйүөнэ Сардана Осипова спорт хас да көрүҥүн тэҥҥэ тутан дьарыктанар. Ол курдук, пауэрлифтинг, кроссфит, бодибилдинг уонна мас-рестлин.

«Хас да көрүҥүнэн тэҥҥэ тутан дьарыктанары ыарырҕаппаппын. Мас тардыһыытыгар былырыын ахсынньыга Федерация кубогын иһин күрэхтэспитим, ол кэнниттэн бүтэйдии тартаран туран дьарыктаммытым. Билигин Европа чөмпүйүөнэ буоллум. Мас тардыһаачылар хотторууттан хомойбокко, бэйэлэригэр эрэллээх дьарыктаналларыгар баҕарабын», — диэн СИА-ҕа Сардана Осипова эттэ.

Европа күрэхтэһиитигэр улахан ситиһиилээх кэлбит спортсменнары Георгий Балакшин эҕэрдэлээтэ: «Биһиги спортсменнарбыт эрэллээхтик кыайдылар!», — диэтэ кини.

Турнир кыайыылаахтара 300 тыһ.солк. иккис миэстэни ылбыттар 150 тыһ.солк., оттон боруонса мэтээллээхтэр 100 тыһ.солк. биһирэннилэр.

«Европа атлеттарын мастарыстыбыата үрдээбитэ биллэр. Польша, Украина, Грузия, Армения олус күүстээх уонна улахан инникилээх спортсменнары ыыппыттар», — диэтэ мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы федерация вице-президенэ Иннокентий Григорьев.

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы федерация президенэ Александр Акимов, Саха сиринээҕи спорт миниистирэ Михаил Гуляев, Батуми куорат мээрэ Георгий Ермаков күрэхтэһиини тиийэн көрдүлэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар