Мас тардыһыытыгар Арассыыйа спордун бастакы маастардара ааттаннылар

Арассыыйа спортка миниистирэ Павел Колобков  өрөспүүбүлүкэбит мас тардыһааччыларыгар, 14 киһиэхэ, «Арассыыйа спордун маастара» ааты иҥэрэр туһунан олунньу 21 күнүгэр 24 №-дээх бирикээскэ илии баттаата. 


Мас тардыһыыга «Арассыыйа спордун маастара» ааты Эрчим Баппаҕай, Екатерина Белолюбская, Иван Белолюбскай, Семен Готовцев, Иннокентий Заровняев, Сергей Константинов, Виктор Обутов, Сардана Осипова, Ньургун Пестряков, Дмитрий Попов, Дмитрий Саввин, Ирина Севрюк, Марина Федоренко уонна Павел Черноградскай ыллылар.

Иннокентий Григорьев, Баһылай Манчаары аатынан спорт киинин дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата:

— 2015 олунньутугар аккредитация ааһан, мас тардыһыытын Арассыыйа спорт көрүҥүнэн билиммиттэрэ. Ол кэнниттэн элбэх үлэ ыытылынна. Билигин Арассыыйа спордун министиэристибэтэ разрядтары, Арассыыйа спордун маастара ааты иҥэрэр буолла. Үрдүк кылаастаах судьуйалар суох буоланнар, спорт министиэристибэтэ пауэрлифтинг, ыарахан атлетика, гиирэ судьуйаларын мас тардыһыытын күрэхтэһиилэригэр сыһыарбыта.  Арассыыйа спордун маастара ааты ситиспит уолаттары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Улахан махталбын Норуоттар икки ардыларынааҕы мас тардыһыы бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнигэр Александр Акимовка, Арассыыйа мас тардыһыыга бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнигэр Михаил Гуляевка уонна спорт бэтэрээннэригэр, энтузиастарга тиэрдэбин. Бары бииргэ үлэлээн элбэх ситиһиилэннибит.

This post was published on 27.02.2018 18:00 18:00