Санкт-Петербург куоракка бу сылтан мас-рестлинг федерацията тэриллэн, сайын устата хас да турнир ыытылынна. Алтынньы 6 күнүгэр дойду хоту киинин Кубогын ылар иһин аһаҕас чемпионат тэрилиннэ.
Санкт-Петербург Кубогын ылар иһин мас тардыһыытыгар 50-тан тахса спортсмен кытынна. Москва куораттан бүтүн дэлэгээссийэ ох курдук оҥостон кэлэн, хамаанданан бастыыры ситистэ, чемпионат Кубогын тутта.
Оттон биирдиилээн бастыыр иһин 70 киилэҕэ, 80 киилэҕэ диэри уолаттар, 15-17 саастарыгар диэри кыргыттар кытыннылар. Кэрэ аҥардар 85 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа уонна абсолютнай киирсиигэ көрүстүлэр. Эр дьон 70, 80, 90, 105, 125 киилэҕэ диэри уонна 125 киилэттэн үөһээҕэ кииристилэр.
Дьиҥнээх киирсиини, тиэхиникэни, биллэн турар, саха уолаттара көрдөрдүлэр. Кинилэр күөн көрсөөччүлэрэ өссө да сайдыахтара турдаҕа. Оттон биһиги биир дойдулаахтарбыт тугу ситистилэр диир буоллахха, 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Хаҥалас улууһуттан сылдьар Сандал Павлов чемпион үрдүк аатын сүктэ. 80 киилэҕэ диэри Макcим Мыреев үһүс миэстэҕэ тигистэ. 90 киилэҕэ диэри икки саха мадьыныта пъедесталга таҕыста: Муоматтан төрүттээх Өймөкөөн бэрэстэбиитэлэ Вячеслав Слепцов — иккис, Хатастан сылдьар Сарыал Макаров үһүс миэстэ буоллулар. Күрэх муҥутуур ыйааһыныгар, 125 киилэттэн үөһэҕэ икки мадьыны утары-таары олордо. Дьокуускайтан төрүттээх Анатолий Чирков 2:1 ахсаанынан утарсааччытын хотон, чемпион үрдүк аатын сүктэ. Маныаха даҕатан эттэххэ, Анатолий оҕото Юлия Чиркова кыргыттарга эмиэ кыайыылаах таҕыста. Онон бу күн дьиэ кэргэнинэн кыайыы көтөллөөх Москва куоракка төнүннүлэр.
Бу курдук төһө да төрөөбүт Сахабыт сириттэн ыраах үлэлии, үөрэнэ олордоллор, биир дойдулаахтарбыт төрүт спортпутун көҕүлүү, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэ сылдьаллар.
Федерация президенэ, Петербург төрүт олохтооҕо Алексей Вахитов бу курдук санаатын үллэһиннэ: “Бэйэм спортсмен, тренер быһыытынан салгыы хайдах сайдыахха, спортан тэйимиэххэ сөбүй диэн толкуйдуу сылдьаммын, мас рестлиҥҥэ тохтообутум. Омос көрдөххө судургу курдугун иннигэр, кытаанах тулууру, иҥиирдээх буолууну, мындыр толкуйу эрэйэр спорт буолар. Федерация тэрийэр инниттэн элбэх сүүрүүнү-көтүүнү аастыбыт. Аны куорат иһинээҕи спорт кэмитиэккэ киирэрбит хаалла. Мантан салгыы атын да тэрээһин, өйөбүл көрдөөһүн өттүгэр үгүс үлэ күүтэр.
Биһиэхэ ыкса чугастык СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Санкт-Петербургдааҕы салаата билсэр, көмөлөһөр. Бүгүҥҥү чемпионаппытыгар бастайааннай бэрэстэбиитэл солбуйааччыта, Петербургдааҕы салаа салайааччыта Юрий Кравцов кэлэн призердары эҕэрдэлээтэ, кыайыылаахтары наҕараадалаата. “Сайдыы” устудьуоннар ассоциациялара эмиэ билсэр, куруук кыттар. Сүрүн спонсорбытынан экологическай хайысхаҕа үлэлиир “ПетроВаст” хампаанньа буолар. Маны таһынан Петербургдааҕы боди-билдинг федерацията өйүүр».
Кини этэринэн, федерация буолуохтарын да инниттэн үгүс күрэҕи ыыппыттар. Сайын сахалар ыһыахтарыгар кытталлар, күрэхтэһиини тэрийэллэр. Оҕолор ортолоругар мас рестлини көҕүлүүр инниттэн куорат иһинээҕи оҕо-ыччат кулуубун кытта үлэлэһэн эрэллэр, номнуо күрэхтэри ыыппыттар.
«Сүрүн сорукпутунан куорат хамаандатын сүүмэрдээһин буолар. Бастыҥтан бастыҥ, күүстээх мадьынылары иитэн таһаарарга дьулуһабыт. Итини сэргэ тренердэр ортолоругар эмиэ күүстээх сырдатыы үлэтин ыытары наадалааҕынан ааҕабын. Судьуйалыыр корпуһу эмиэ сайыннарыахха наада. Билбэппит үгүс. Ол гынан баран баҕа санаа күүһэ бэрт. Иннибит хоту баран иһэбит. Мас тардыһыы туһунан аныгы уонна анал литература элбэҕэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын”, — диир кини
Ааптар: Анфиса СЛЕПЦОВА, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
Санкт-Петербург к.
This post was published on 07.10.2019 09:57 09:57