Мас-рестлиҥҥэ Европа чемпионата Словакияҕа Брезно куоракка сэтинньи 23 — 27 күннэригэр ыытылынна. Манна дьахталларга уонна эр дьоҥҥо ыйааһыннарынан уонна муҥутуур кыайыылаахтары быһаардылар.
Ыйааһыннарынан киирсиигэ Бразилияттан, Венгрия, Грузия, Монголия, Польша, Россия, Сербия, Словакия күүстээх спортсменнара кытыннылар. Россияттан барыта 13 мадьыны таҕыста, ол иһигэр эр дьоҥҥо — 9 (60 кг, 65 кг, 70 кг, 75 кг, 80 кг, 90 кг, 105 кг, 125 кг, > 125 кг, дьахталларга биэс (55 кг, 65 кг, 75 кг, 85 кг).
Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга Россияттан түөрт спортсмен кытынна: Эрчим Баппагай, Артем Ветров, Мохинур Абдузойирова, Анастасия Галкина. Кинилэри кытта Венгрияттан, Польшаттан, Словакияттан мас түһүлгэтигэр күүстээх мадьынылар таҕыстылар.
125 кг диэри ыйааһыҥҥа Эрчим Баппаҕай бастаата уонна Европа Чемпионатын муҥутуур кыайыылааҕынан буолла.
Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга Баппаҕайы утары Мариус Бабкович Словакияттан уонна Влад Ратьков Сербияттан таҕыстылар.
This post was published on 27.11.2023 09:01 09:01