Мас-рестлиҥҥэ быйылгы Саха сирин чемпионата Манчаары оонньууларыгар уонна Россия чемпионатыгар сүүмэрдиир түһүмэх быһыытынан ыытыллыаҕа. Саамай титуллаах спортсменнар кыттыахтара, хас да сыл буолан баран помостка төннүбүттэр эмиэ бааллар.
Былырыын Хаҥаласка буолбут бу күрэхтэһиигэ 472 спортсмен кыттыбыта, саамай элбэх кыттааччылаах чемпионат Бороҕоҥҥо 2017 сыллаахха тэриллибитэ, онно — 476 мас-рестлер күүһүн холоммута.
Саамай элбэх састааптаах хамаандалары Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас, Уус Алдан, Амма, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустара аҕалыахтара, оттон Таатта оройуона, спорт национальнай көрүҥнэригэр Спартакиаданы ыытар хаһаайыттар буолалларынан, икки хамаанданы туруоруоҕа.
Чемпионат туһунан сиһилии манна аах.
This post was published on 06.02.2025 17:07 17:07