«Көмүс мас» турнир элбэх сыл устата күүстээх мадьынылары түмэр. Эр дьон 60, 65, 70, 75, 80, 90, 105, 125 киилэҕэ диэри уонна 125 кг үөһэ, дьахталларга 50, 55, 60, 65, 75, 85 диэри, 85 кг үөһэ, бэтэрээннэр 65, 75, 85, 95 диэри, 95 кг үөһэ.
Спортсменнар ыйааһыннарыгар икки киилэ аһардаллара көҥүллэнэр. Тэрийээччилэр быйыл уларытыыны киллэрдилэр — дьахталлар уонна бэтэрээннэр 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри Дьокуускайга «пропискаламмыт» буолуохтаахтар. «Манчаары оонньууларыгар» атын муниципальнай тэриллиилэртэн кыттар былааннаах дьахталлар уонна бэтэрээннэр эмиэ күрэхтэһиигэ кыттыбаттар. Маннык дьаһал төрүөтүнэн хатастааҕы күрэхтэһии кэннэ өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кыттар Дьокуускай куорат сүүмэрдэммит хамаандата тэриллэр. Кыайыылаахтар салгыы «манчаарыга» күүстэрин холоноллор.
Мандат хамыыһыйата тохсунньу 24 күнүгэр № 1-дээх ДЮСШ буолар, күрэхтэһии тохсунньу 25 күнүгэр Хатаска № 7-дээх спорт оскуолатыгар ыытыллыаҕа.
This post was published on 20.01.2025 14:01 14:01