Сахабыт сирэ быйыл бэс ыйын 25 күннэриттэн от ыйын 7 күннэригэр буолуохтаах “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы VIII успуорт оонньууларыгар бэлэмнэнии үлэтин киэҥ далааһыннаахтык ыыта турар. Тапталлаах киин куораппыт – дьоллоох Дьокуускай, сахалыы сиэринэн, ыраахтан кэлэр ыалдьыттары көрсөөрү күн-түүн суунан-тараанан, киэргэйэн тупсан иһэрэ дьон-сэргэ сүргэтин хайдах көтөхпөт буолуоҕай?
“Азия оҕолоро” оонньуулар устуоруйатын билиһиннэрэр буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев көҕүлээһининэн, Олимпийскай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах бастакы оонньуулар 1996 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыттара.
Бу кэнниттэн оонньуулар сырыы ахсын таһымнара улаатан, кыттар дойдутун ахсаана элбээн, спортсменнары уонна ыалдьыттары түһэрии, аһатыы уонна кинилэр сынньалаҥнарын тэрийии усулуобуйата улам тупсан, кэҥээн, аан дойду успуорка салалтатын сэҥээриитин ылыан ылла. Бу бастакы Оонньуулар, сүрүннээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа Федерациятын көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт эбит буоллахтарына, аны Норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпийскай кэмитиэт (МОК) уонна Азия Олимпийскай сэбиэтэ (ОСА) “Азия оҕолоругар” бэйэлэрин болҕомтолорун ууран күүскэ өйөөтүлэр. Ити барыта “Азия оҕолоро” оонньуулар инникитин өссө киэҥ далааһыннаахтык тэриллэллэригэр кыаҕы үөскэтэр. Бу аҥаардас оҕо успуорда эрэ буолбатах, бу Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа норуотун олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар, инники сайдыытыгар дьоһун тирэх, олук буоларын умнуо суохтаахпыт уонна улахан кэскиллээх хамсааһын өссө кэҥээн, далааһыннанан сайдарыгар бары күүспүтүн ууруохтаахпыт.
Ордук, “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы III оонньууларыгар бэлэмнэнии кэмигэр, биһиги дойду киэҥ спортивнай уопсастыбаннаһын уонна олимпийскай хамсааһынын салайар эргимтэлэрин кытта үчүгэйдик билсиһэр кыахтаммыппыт. Арассыыйа Национальнай олимпийскай кэмитиэтигэр үлэбит сүнньүнэн көрсүһүүлэр эмиэ ыытыллыбыттара. Биһиги бэйэбит дьаһалларбытын ыытыы чопчу тэрээһин уонна мэтэдьиичэскэй боппуруостарыгар үгүс бастыҥ үлэлээх успуорт диэйэтэллэрин уонна тириэньэрдэри кытта үлэлээбиппит уонна таарыйа, көрсүллэр кыһалҕалары, итиэннэ Арассыыйа Олимпийскай оонньууларга кыттар кэскилин дьүүллэспиппит.
МОК өйөөбүтэ
Лоп курдук 20 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 14 күнүгэр, Швейцария Лозанна куоратыгар Види замокка баар Норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпийскай кэмитиэт (МОК) ыстаап-кыбартыыратыгар вице-бэрэсидьиэн Александр Акимов салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтэ МОК бэрэсидьиэнэ Жак Роггены кытта көрсөн, “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларга МОК патронаһын биэрии туһунан уһун-киэҥ кэпсэтии буолбута. Кэпсэтии саҕаланыытыгар Александр Акимов МОК салайааччыларын Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, “Азия оҕолоро” оонньуу устуоруйатын кытта билиһиннэрбитин кэннэ, түмүгэр МОК бэрэсидьиэнэ Жак Рогге Азия эрэгийиэнин оҕолорун түмэр норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын ыытыы идиэйэтин үрдүктүк сыаналаан, Саха сиригэр ыытыллар Оонньуулар дьиҥнээх сыаннастары: чөл олоҕу, ыччаты доҕордоһуу уонна ил, араас дойдулар уонна норуоттар икки ардыларыгар эйэ тыыныгар иитиини өрө туталларын тоһоҕолоон бэлиэтээн туран, дэлэгээссийэ аҕалбыт матырыйаалларын болҕомтолоохтук үөрэтии уонна Арассыыйа Национальнай олимпийскай кэмитиэтин кытта сүбэлэһии кэнниттэн Норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпийскай кэмитиэт (МОК) патронаһын биэрии быһаарыллыбытын туһунан биллэрбитэ.
Онон, “Азия оҕолоро“ Норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт өйөбүлүнэн ыытыллалларын туһугар тас дойдулары уонна РФ МИДин (Сергей Лавров) кытта улахан дипломатическай үлэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы III успуорт оонньууларыгар 14 омук судаарыстыбата уонна дойдубут 27 субъега кыттыыны ылбыттара. Онно 2588 киһи, ол иһигэр 1509 спортсмен, 571 судьуйа (58 – норуоттар икки ардыларынааҕы уонна 168 – Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаахтар), 400-тэн тахса бочуоттаах ыалдьыт, ол иһигэр судаарыстыбаннай былаас уорганнарын салайааччылара – 6 чрезвычайнай уонна боломуочуйалаах посоллар, 73 Азия дойдуларын РФ-га посольстволарын бэрэстэбиитэллэрэ, кыраныысса таһыттан 10 успуонсар кэлбиттэрэ. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тас сибээскэ министиэристибэтэ (Александр Мигалкин) киэҥ далааһыннаах үлэни ыытыспытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Тас дойдулары кытта бииргэ үлэлэһии түмүгүнэн “Де Бирс”, “Мицуи и Ко”, “Сумимото Корпорейшн”, “Мичиноку банк”, “Катерпиллар-Барлоуорд Сибирь” диэн хампаанньалар 31,5 млн. солк. үбүнэн көмөнү оҥорбуттара.
2004 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Швейцарияҕа Лозанна куоракка МОК исполкомун мунньаҕар “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы III спортивнай оонньуулар түмүктүүр отчуоттарын Саха сирин делегацията иһитиннэрбитин МОК салалтата үрдүктүк сыаналаабыта.
МОК бэрэсидьиэнэ Жак Рогге уонна исполком чилиэннэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин көҕүлээһиннэригэр сөбүлэспиттэрэ уонна “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар салгыы сайдалларыгар бары өттүнэн күүскэ өйүөхпүт диэн эрэннэрбиттэрэ.
ОСА билиммитэ
“Азия оҕолоро” оонньуулары азиатскай кэнтиниэҥҥэ киэҥ араҥаҕа таһаарар сыалтан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2005 сылга Кувейка баар ыстаап-кыбартыыралаах Азия Олимпийскай Сэбиэтин (ОСА) кытары бииргэ үлэлэһиини күүскэ саҕалаабыппыт. Ыкса сибээс олохтонон, 2005 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ Александр Акимов салайааччылаах дэлэгээссийэ Азия Олимпийскай Советын XXIV Генеральнай ассамблеятыгар ыҥырыллан кыттыбыппыт, ОСА салалтата биһигини билинэрин уонна өйүүрүн чахчы туоһулуурун көрдөрөр.
Александр Акимов 45 араас Азия дойдуларын ОСА чилиэннэрин истиитигэр Саха сирин туһунан улахан дакылааты оҥорбута. Ассамблея үлэтин кэмигэр Сахабыт сирин айылҕатын, норуотун олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, экэниэмикэтин сырдатар быыстапка тэриллибитэ, кинигэ, фотоальбом, “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар тустарынан CD-диискэлэр тарҕаммыттара.
Бу улахан таһымнаах көрсүһүүгэ Азия Олимпийскай Сэбиэтин бэрэсидьиэнэ, шейх Ахмад Аль-Фахад Аль-Сабах “Азия оҕолоро“ норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары инникитин да Азия Олимпийскай Сэбиэтэ өйүүргэ бэлэмин туһунан Александр Акимовка биллэрбитэ уонна атын дойдулар Национальнай олимпийскай кэмитиэттэрин оҕо успуордун хамсааһыныгар көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыта. Ону таһынан Индия, Казахстан, Кыргызстан, Кытай, Монголия, Туркменистан, Узбекистан, Соҕуруу Кэриэйэ, Япония национальнай олимпийскай кэмитиэттэрин салайааччыларын кытары көрсүһэн, оонньуулары өйүүллэрин уонна инникитин да хамаандалара кыттыыларын мэктиэлээбиттэрэ.
Эһиилигэр, 2006 сыл муус устар ыйыгар, Москубаҕа “Россия-АСЕАН” диэн Норуоттар икки ардыларынааҕы пуонданы кытта бииргэ, “Азия оҕолоро“ Норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын презентациятын тэрийиигэ үгүс элбэх Азия дойдуларын посолларын ыҥыран кытыннарбыппыт. Ити сыл от ыйыгар ЮНЕСКО Генеральнай дириэктэрэ Коитиро Мацуура Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кэлэ сырыттаҕына “Азия оҕолорун” туһунан ыкса билиһиннэрбиппит.
2008 сыллаахха буолбут “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы IV успуорт оонньуулара Саха сирин үс куоратыгар буолбуттара: Дьокуускайга, Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига. Оонньуулары көрсө Нерюнгрига “Горняк” диэн сабыылаах стадион, Мииринэйгэ “Кимберлит” спортивнай комплекс уонна Дьокуускайга “Өрөгөй” успуорт баараҕай дыбарыаһа тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Барыта 16 дойдуттан: Азербайджан, Индия, Индонезия, Иордания, Иран, Казахстан, Кытай, Кэриэйэ, Кыргызстан, Лаос, Монголия, Таджикистан, Таиланд, Туркменистан, Узбекистан, Япония уонна Арассыыйа 27 эрэгийиэниттэн 1854 спортсмен кыттыбыта.
Онон, тоһоҕолоон эттэххэ, 2000–2010 сылларга ыытыллыбыт киэҥ хабааннаах тэрээһин үлэлэр “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын планкаларын үрдүк таһымҥа, эргимтэҕэ таһаарбыттарын, аан дойду успуорка салалтатын сэҥээриитэ уонна билиниитэ, дьоммут-сэргэбит сыанабыла, махтала туоһулуур.
Ону барытын бэлиэтээн, Норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпийскай кэмитиэтин (МОК), Азия Олимпийскай сэбиэтин (ОСА) уонна Арассыыйа Федерация Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтин (МИД РФ) кытта далааһыннаах, киэҥ мастааптаах үлэбит ситиһиилэригэр кыттыспыппынан киэн туттабын.
“Азия оҕолоро” тэрээһиҥҥэ анаабыт сыралаах үлэбит, кэнэҕэһин даҕаны, Сахабыт сирин эрэ буолбакка, Аҕа дойдубут улуу Арассыыйа олоҕун укулаатын тутуохтаах, сайыннарыахтаах ыччаппыт эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэгиэн-чэбдик туруктаах буоларыгар дьоһун кылаатын өссө да киллэрэ туруо диэн, эрэллээхтик, иннибит хоту – сайдыыга, кэскилгэ дьулуруйа туруохтаахпыт.
Ааптар: Марк Харлампьев, социология билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, успуорт бэтэрээнэ, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы III успуорт оонньууларын бэлэмнээбит уонна ыыппыт сүрүннүүр кэмитиэт эппиэттээх сэкирэтээрэ.