Россия үтүөлээх худуоһунньуга, култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун графика уонна живопись кафедратын профессора Мария Афанасьевна Рахлеева Томпо оройуонуттан төрүттээх. Кини оҕо сылдьан сайынын Кириэс Халдьаайыга аймахтарыгар күүлэйдии кэлэрэ.
Художник буолан баран Томпо эбээн нэһилиэгэр айар командировкаҕа сылдьыбыта. Ол түмүгэр 1977 сыллаахха бу дойду кэрэ айылҕатын: халлааҥҥа харбаспыт хайаларын, дохсун сүүрүктээх Томпо үрэҕин үс лиистээх өҥнөөх литографиятыгар ойуулаабыта.
Оройуоҥҥа биллэриллибит Култуура сылын чэрчитинэн Мария Рахлеева дойдутугар кэлэн быыстапка тэрийдэ. Барыта 33 хартыынаны аҕалбыт, ол иһигэр дойдутугар уонна оҕо сааһыгар анаммыт «Сайын», «Оҕо саас» уонна «Хачыал» литографиялар. Мария Афанасьевна кэргэнэ, профессор, Россия художественнай академиятын член-корреспондена Виталий Натанович Петров-Камчатскай бэйэтин хартыыналарыгар Уһук Илини уонна хоту сири ойуулаабыт. Кини аатырбыт суруйааччылар Владимир Санги, Юрий Рытхэу, Николай Курилов уо.д.а. кинигэлэригэр уруһуйдаабыта. Виталий Натанович туруорсуутунан Дьокуускайга Крансоярскайдааҕы художественнай институт филиала аһыллыбыта, кэлин АГИКИ састаабыгар киирбитэ.
Кыргыттара Вера уонна Полина төрөппүттэрин суолунан баран эмиэ айар үлэһиттэр. Быыстапкаҕа кинилэр үлэлэрэ эмиэ баар.