22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мария-Маайа Григорьева «Ийэ кутум – иэйэр кутум» бастакы компакт-диискэтин сүрэхтээтэ

16:41, 01 апреля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри  саха  саха эрдэҕинээҕи олоҕун, үтүө үгэһин чахчы бааччы тутан олорор буоланнар, олоҥхоһуттар, күөсчүттэр, мас уустара, тимир уустара, иистэнньэҥнэр, худуоһунньуктар, хомусчуттар, кыраайы үөрэтээччилэр, бөҕөстөр уонна саха ынаҕын иитээччилэр  төрөөбүт-үөскээбит үтүө дойдулара буоллаҕа эбээт. «Сахалыы кут-сүр тыынар салгыннарыгар, тыыннаах  айылҕаларыгар көстүбэт көмүс дьэргэлгэн буолан, дьиримнии сылдьарыттан эбитэ дуу, Эҥсиэли хочотугар атын улуустан кэлэн олохсуйбут дьон иитийэхтии сылдьыбыт ийэ өйдөрө уһуктар, хаанынан бэриллэр дьоҕурдара арыллар быһыылаах», — диэн суруйда РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын литературнай-драматическай чааһын салайааччыта Майя Власьева.

Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн хайысхата – умнуллубуту сөргүтүү, тарҕатыы, үйэтитии. 2019 сыллаахха Нам улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыта. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Элиэнэ эбэ маанылаах Эҥсиэли хочотугар куба таҥаралаах урааҥхай сахалар уутуйан үөскээбит сирдэрэ.

Эҥсиэли хочотугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыгар Нам олохтоохторун, тас көстүүлэринэн, уҥуохтарын-арҕастарын быһыытынан, тутта-хапта сылдьыыларынан түгэх өбүгэлэрин быдан чаҕылхайдык уонна итэҕэтиилээхтик көрдөрүөхтэрэ диэн, аан бастаан сүрүн персонажтарга (Нам оҕонньор, Мымах кинээс, Эҥсиэли Хотун) кытыннарбыппыт, тойуксуттарын туойтарбыппыт. Онно “биһиги сахалыыбыт суох, суураллыбыппыт, сүтэрбиппит элбэх” диир намнартан адьас сэдэх кылыһахтаах куоластаах Маайа Григорьева диэн кыыһы Сунтаартан төрүттээх, үгүс тойуксуттар тойуктарын истибит аҕай дьоммут СӨ үтүөлээх артыыһа, сүрүн сценарист З.Г. Попова уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Дархан этээччи Д.С. Иванов бэлиэтии көрөн, сэргээн, Эҥсиэли Хотун тойугун  туойтарбыттара.

Олоҥхо ыһыахтара буолан ааспыт улуустарыгар дьон-сэргэ сахалыы куттара уһуктан, талааннара-дьоҕурдара арылларын киһи бэлиэтии көрөр. Ол курдук “бу Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, санаам күүһүрэн, киэҥ эйгэҕэ тахсарбар олук буолла” диэн махталлаах Маайа Григорьева быйыл компакт-диискэ таһаараары бэлэмнии сылдьарын, кэнсиэр бэлэмниэхтээҕин, онно кэлэн, күндү ыалдьыт буоларбытыгар ыҥырбыта.  Эрдэттэн даҕаны ырыаларын, бэлэмнэнии хаартыскаларын ыытар этэ. Кэлин билбитим: кыыһым олох даҕаны Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыттан төрүттээх эбит. Историческай наука доктора, археолог Н.Д. Архипов бэлиэтииринэн, үөһээ бүлүүлэр саамай былыргы түгэх өбүгэлэрэ кырыкыйдар, аһыкайдар уонна өргүөттэр буолаллар.

Маайа Григорьева эбэтэ Чыычаах Биэрэ тойуктаах бастыҥа, төрөппүттэрэ Степан Степанович уонна Мария Александровна Григорьевтар эмиэ ырыа куттаах дьон этилэр. Бииргэ төрөөбүттэрэ элбэхтэр. Оттон чугас аймаҕа Андрей Титович Титаров бастыҥ дьуохардьыт буоларын бэлиэтиир, онон кинилэртэн таммах хаанынан бэриһиннэрэн, ырыаны-тойугу сөбүлүүрүн киэн тутта кэпсиир. Утумунан бэриллибит ыллыыр-туойар дьоҕурдаах кырачаан кыысчааны саҥаһа Надежда Егоровна тойукка, норуот ырыатыгар уһуйбут, оттон таайа Евгений Николаевич баяҥҥа ыллатар эбит. Инньэ гынан, Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ Маайаны олох кыра сааһыттан икки хайысханан ыллыырга-туойарга үөрэппит үтүөлээхтэр.

Оскуола кэнниттэн Маайа Бүлүүтээҕи педучилищеҕа Евдокия Степановна Сергинаҕа тойугу араас туойуу ньымаларыгар үөрэнэр. Кэлин Юрий Платонов мастарыскыайыгар кэтэхтэн үөрэнэн, дьарыктанан, «Культуролог» уонна «Педагог с певческим голосом» диэн дипломнаах бүтэрэр. Үөрэнэр кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас ырыа күрэстэригэр кыттар. Онон Маайа эстраднай, норуодунай уонна академическай вокал, рок хайысхатынан толорор уонна айар киһи буола түһэр.

Дьэ, кэтэһиилээх кулун тутар 30 күнэ үүнэн, Олоҥхо ыһыаҕын солбуллубат сүрүн режиссера Р.И. Тараховскай, Олоҥхо тыйаатырыттан Д.С. Иванов уонна мин буолан, Нам улууһун киинигэр А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтигэр Мария-Маайа Григорьева «Ийэ кутум – иэйэр кутум» диэн ааттаах аан бастакы компакт-диискэтин сүрэхтиир кэнсиэригэр сырыттыбыт.

Мария Степановна Григорьеваны билиһиннэрэр буоллахха, Нам улууһун Фрунзе нэһилиэгэр Егор Герасимович Охлопков-Буоратай аатынан норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта, улуустааҕы «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэ суруйааччыларын «Талаан түһүлгэтин» чилиэнэ, тойуксут, норуот ырыатын – дэгэрэҥ, дьиэрэтии ырыалары – айар ааптар, толорооччу, тарҕатааччы, кырыымпаһыт буолар.

Этэргэ дылы, киһи олоҕо бэлэмнэнии түһүмэхтэриттэн турар. Бу кэнэҕэһин кэскиллээх, кэтэһиилээх күн үүнэрин туһугар кэрэ киһи эмиэ да түһүүлээх, эмиэ да тахсыылаах олох оскуолатын ааһар. Ол курдук 2014 сыллаахха кыһыҥҥы тымныыны аахсыбакка, таксига харчыны харыстаабакка, нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кырынан, Анна Томскаяҕа, Вероника Лыткинаҕа, Руслан Габышевка кырыымпаҕа, кылыһахха үөрэнэр. Тойук матыыба үөскээн тахсарыгар кырыымпа салайан, сирдээн биэрэр кистэлэҥнээх эбит диэн бэйэтигэр түмүк оҥостор. Ол иһин туойуон баҕалаах дьон кырыымпаҕа, кылыһахха оонньууллара буоллар тойуктара тупсуо этэ диэн баҕа санаатын үллэстэр. Ити дьарыктанар кэмигэр Маайа Бастакы  Хомустаах нэһилиэгэр Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар Туяра Святославовна Мохованы кытта бэркэ тапсан үлэлиир. Анатолий Софронов-Онтуон тылларыгар «Кыталыктаах кырдалбар», Мария Васильева тылларыгар «Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор» ырыалары кырыымпаҕа доҕуһуоллаан, үҥкүү туруораллар.

Олоҕун биир суолталаах түһүмэҕин, уустук тургутуутун ааһарыгар Дьылҕа Хаан Маайаны айар үлэтин бырахтарар, Намҥа кырдьаҕастар дьиэлэригэр санитарканан үлэлэтэр. Бу тэрилтэ дириэктэрэ Анастасия Степановна Заболоцкая уонна бииргэ үлэлээбит эйэлээх кэлэктиибэ кини ырыаһыт аналлааҕын бигэтик өйдөөн, ыллыыр дьоҕурун бырахтарбакка, төттөрүтүн өйөөн, өйдөөн, көмөлөһөн, араас тэрээһиннэргэ кытыннараллар.  Ол түмүгэр, 2018 с. Мэҥэ Хаҥаласка  Анастасия Варламова-Эдьиий Настааҕа ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи мелодист дьахталлар күрэстэригэр кыайыылаах аатын ылар. Мантан инньэ алгыстаах тыллаах алҕаабытын курдук Маайа кыыска айар үлэтин маҥан сиэги аартыга тэлэччи арыллар…

Мария Степановна, бэйэтэ  бэлиэтииринэн, биир улахан үлэтинэн 2019 сыллаахха Ытык Эҥсиэли сиригэр XIII Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа арыллыытыгар Зоя Попова, Майя Власьева сценарийдарынан эр дьон, дьаралыксыт дьахталлар ырыаларын матыыбын оҥорбута, Эҥсиэли Хотун тойугун толорбута буолар. Онтон тирэх ылан, санаата бөҕөргөөн, Олоҥхо ыһыаҕар Христофор Максимов фондатынан ыытыллар дэгэрэҥ ырыа күрэҕэр кыттан,  бастакы истиэпэннээх лауреат буолар. 2020 с. «Ыһыах ырыалара» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр – Гран-при, Илья Михайлович Неустроев-Ырыа Ылдьаа аатынан «Кыл кылыһах» кырыымпанан биирдиилээн толорооччулар күрэхтэригэр Гран-при үрдүк аатын ылар. 2021 с. Аанньаах хочотугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыьыаҕар дэгэрэҥҥэ – I истиэпэннээх лауреат, тойукка “Түөлбэ тойуксута” — III миэстэни ылбыта, оттон олонхону бөлөҕүнэн толорууга III миэстэни ылбыттара.

Мария Степановна быйыл Арассыыйаҕа култуурунай нэһилиэстибэ сыла биллэриллэн, Нам улууһугар “Нам кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕүн тэрийэр. Аны бу бөлөх кырыымпаһыттара, Нам биллэр уустара Руслан Захаров уонна Андрей Осипов доҕуһуоллуур тэрили бэйэлэрэ оҥорор буолан чахчы табыллаллар. (Били бэйэлэрэ этэллэринэн, “совершенно сахалыылара суураллыбыт намнарбыт” айаат диэн доҕуһуоллуур үрэр тэрили айан таһаарбыттарын астына иһиттим. Ону сүгүрүйэ саныыр ууһум Руслан Захаров оҥорбутун ”оҥоруох киһи оҥорбут” диэн киэн тутта санаатым. Айаат диэн тэрил оҕус айаатаан лаҥкынатарын үкчү үтүктэр эбит. Сэҥээрдэххитинэ, намнартан ыйыталаһаарыҥ). Бөлөх далбар хотуттарын таҥастара-саптара Эҥсиэлигэ көстүбүт нуучча кэлиэн иннинээҕи  дьахтар таҥаһын үтүгүннэрэн тикпиттэрэ киһи хараҕар тута быраҕыллар, кэрэхсэтэр. Бу бөлөх Дьокуускай куоракка Христофор Максимов үбүлүөйдээх сылынан СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, “Кыл саха” төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, “Дэгэрэҥ эйгэтэ” бырайыак ааптара Анна Ивановна Томская ыҥырыытынан улахан сыанаҕа бастакы сүрэхтэниитин ааспыт.

Быйыл Мария Степановна Григорьеваны СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Майатааҕы Оҕо ускуустубатын оскуолатын “Туллук” аудио-устуудьуйатын салайааччыта Дмитрий Санников таба көрөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарар соруктаах үлэлэһэн, бастакы компакт-диискэтэ тахсарыгар күүс-көмө буолла, Андрей Замятин устуудьуйатыгар ырыалара таҥылларыгар көмөлөстө. Аудиоҕа устууга СӨ култууратын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дархан ууһа, Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан национальнай үҥкүү тыйаатырын “Кыл саха” төрүт дорҕоон бөлөҕүн солиһа Руслан Габышев кыл кырыымпаҕа уонна СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ Владимир Кузьмин баяҥҥа доҕуһуоллаабытын  бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон Маайа бу үтүөкэн дьоҥҥо махтала муҥура суох.

2021 сылтан Мария Степановна дэгэрэҥ ырыаны айааччыларга бырайыак толкуйдаан, олоххо киллэрэн, куйаар  ситимин нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс тэрийэр. Бу күрэс олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ  Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ үбүлүөйдээх сылынан ыытыллыбыт. Кыайыылааҕынан Уус Алдан улууһуттан Василий Парников, бастын дэгэрэҥ ырыа кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥаластан Дмитрий Санников буолбуттар. Бу кэскиллээх бырайыак үтүө үгэскэ кубулуйан, быйыл 2022 сылга Егор Герасимович Охлопков-Буоратай үбүлүөйдээх 125 сылынан дэгэрэҥ ырыа (норуот ырыата) күрэһин иккиһин ыытылынна. Намтан, Амматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Чурапчыттан дэгэрэҥ ырыа айааччылар көхтөөхтүк кыттыбыттар. Ол курдук “ Бастакы үрдэл” чыпчаал кыайыылааҕынан М. Санников-Уол Сарсын тылларыгар “Бүгүн киэһэ кэнсиэркэ” диэн ырыатынан Саргылаана Адамова-Алтан Кыыс  буолла.

Мария Степановна Григорьева үс оҕо күн күбэй ийэтэ, тапталлаах сиэн эбэтэ. “Ийэ кутум — иэйэр кутум” кэнсиэркэ Маайа уола Музыка Үрдүкү оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Марк Петров саксофоҥҥа оонньоон көрөөччү кутун тутуон тутта.

Түмүккэ, кыталык кыылым курдук кылыһахтаах куоластаах Кырыкый кыыһыгар, махталы кытта сылдьар мааны Маайаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыахтаах XV Олоҥхо ыһыаҕар тиийэн, ситиһиилээхтик кытын, саха ырыатын-тойугун ыраах сирдэринэн сылдьан, ыллаа-туой диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!

Ааптар: Майя Власьева, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын литературнай-драматическай чааһын салайааччыта

Сүрүн хаартыскаҕа Маайа Григорьева Руслан Захаровы кытта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА