«Азия оҕолоро» Оонньуулары көрсө Дьокуускайга «Бэргэн» спорка ытыынан дьарыктыырга аналлаах бааза аанын аста. Үөрүүлээх түгэҥҥэ Россия спорка министрин солбуйааччы Марина Томилова мустубут ыалдьыттарга туһаайан саҥа киин дойдуга чемпионнары иитэн таһаарарыгар эрэнэрин биллэрдэ.
«Ыалдьытымсах Саха сирэ «Азия оҕолоро» Оонньуулары көрсө саҥа спортивнай объектары үлэҕэ киллэрэр үтүө үгэстээх. «Бэргэн» стендовай ытыынан дьарыктыыр кииҥҥэ чемпионнар иитиллэн тахсыахтара», — диэтэ Марина Томилова.
Үс сектордаах саҥа тэрилинэн хааччыллыбыт комплекс элбэх спортсмены дьарыктыырга уонна күрэхтэһиилэри ыытарга олус табыгастаах. Онуоха Уһук Илиҥҥэ «Бэргэҥҥэ» майгылыыр комплекс суоҕа оттон Россияҕа маннык аҕыйах тир баара бэлиэтэнэр.
«Скит уонна трап олимпийскай көрүҥнэргэ киирсэр күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытарга бааза толору эппиэттиир. Спортсмен сыалын үчүгэйдик көрөрүгэр, күрэхтэһиигэ түмүгүн тупсарарыгар комплекс турар миэстэтэ табыллыбыт», — диэн бэлиэтээтэ «Азия оҕолоро» Оонньууга стендовай ытыыга кылаабынай судьуйа Сергей Лыков.
Кыраҕы харахтаахтар күрэхтэһиилэрэ от ыйын 7-8 күннэригэр ыытыллар. Онно Саха сириттэн түөрт уол, үс кыыс кыттар.
«Бааза тутуллуута – сүүһүнэн киһи кыһамньыта, сырата, үлэтэ. Манна икки ый анараа өттүгэр сылдьыбыт киһи маннык киин тутуллан үлэҕэ киирэрин итэҕэйиэ суоҕа этэ. Бу стендовай ытыыны сэргиир, сөбүлүүр дьоҥҥо улахан бырааһынньык. Бэлиэ түгэнинэн туһанан барыгытын эҕэрдэлиибин уонна кыайыылары баҕарабын», — диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев.
This post was published on 06.07.2016 12:20 12:20