Вице-премьер Дмитрий Чернышенко, бырабыыталыстыбаттан Приволжскай федеральнай уокуругу салайааччы, бэлиэтээбитинэн, дойду экономикатыгар бу субъектар промышленность уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр оҥорон таһаарыынан киирсэллэр.
Дмитрий Чернышенко эппитинэн, хас биирдии регион бэйэтин сайдыытыгар ис тутуллаах, онно саҥа салайааччылар болҕомтолорун ууруохтарын наада.
Марий Эл – радиоэлектроника кластера, импорты солбуйууга стратегическай оруоллаах;
Саратовскай уобалас – металлургия уонна АПК;
Кировскай уобалас – аныгы научнай-производственнай комплексы тэрийии.
«Билигин губернатордар эбээһинэстэрин толорооччулар баар социальнай-экномическай сайдыы бырайыактарыгар болҕомтолорун уураллара ордук, корректировкалаан уонна приоритеттарын бэлиэтээн», – диэтэ Дмитрий Чернышенко, диэн РФ бырабыыталыстыбатын саайтыгар суруйдулар.
This post was published on 12.05.2022 11:01 11:01