Мархатааҕы ураты харыстанар сир статуһун көтүрбэккэ боппуруоһу быһаарыахха сөп

Мархатааҕы ураты харыстанар сир тула АЛРОСА, борокуратуура уонна Ньурба дьокутааттарын мөккүөрэ быһаарыллыаах чинчилэннэ. Ол курдук СӨ бырабыыталыстыбата саҥа балаһыанньа бигэргэтэн, ураты харыстанар сир статуһун көтүрбэккэ, былдьаһыктаах сир боппуруоһун атыннык быһаарар эрэллэр. Бу туһунан СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев edersaas.ru cайтка кэпсээтэ.


АЛРОСА айманар, дьокутааттар иннилэрин биэрбэттэр

Соторутааҕыта Ньурба улууһун борокуратуурата Мархатааҕы ураты харыстанар сир статуһун суутунан көтүттэрэрин туһунан иһитиннэрбит. Борокуруор Артем Ильин ити ресурснай айылҕа резервата сокуоннайа суох тэриллибит диэн этэр. Санатар буоллахха, Мархатааҕы ураты харыстанар сири былырыын балаҕан ыйыгар Ньурба улууһун сэбиэтэ бигэргэппитэ. Тэриллээтин кытта «АЛРОСА» АХ вице-президенэ Игорь Соболев борокуратуураҕа дьокутааттар быһаарыылара төһө сөптөөҕүн туһунан бэрэбиэркэлииргэ ыҥырбыта. Сокуонньуттар Мархатааҕы ураты харыстанар сир федеральнай бас билиигэ баар ойуур пуондатыгар турарын эппиттэр. Итинтэн сиэттэрэн, борокуратуура Ньурба улууһун дьокутааттара ойууру сокуоннайа суох быһан ылан, ураты харыстанар сири тэрийбиттэр диэн матыыптаах.

Борокуруор Артем Ильин дьокутааттары Марха резерватын статуһун көтүрэргэ модьуйбутугар, муус устар 21 күнүгэр улуус дьокутааттара аккаастаан тураллар. Онуоха Ньурба улууһун борокуратуурата айылҕа резерватын тэрийии сокуоннайа суох барбытын көтүттэрэри суут нөҥүө ситиһиэхпит диэн суоһурҕаммыт.

Суут бу дьыаланы хайдах быһаарара атын ураты харыстанар сирдэрбитигэр эмиэ сабыдыаллыан сөп. Өскөтүн, суут Марха ураты харыстанар сир статуһун көтүрдэҕинэ, Саха сиригэр баар бары айылҕа пааркалара эмиэ ханнык эмит тэрилтэ үҥсүүтүнэн дьиҥэ суохтарынан ааҕыллаллар дуо? Оччоҕо соччото суох быһыы-майгы үөскүөн сөп.

Мөккүөр төрдө-төбөтө

Ньурба улууһун дьаһалтата, Мархатааҕы ураты харыстанар сир тэриллиэн иннинэ территориятыгар сир баайын хостуурга, чинчийэргэ ханнык тэрилтэлэр баалларын туһунан билээри, тустаах тэрилтэттэн ыйытык ыыппыт. Онон паарканы тэрийии ирдэбилинэн СӨ Геологияҕа уонна сир баайдаах сири туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин уонна атын интэриэстээх тэрилтэлэри кытта сөбүлэһии, уопсастыбаннай истии ыытыллыбыт. Түмүгэр, Мархатааҕы ураты харыстанар сир территорията быһыллар кэмигэр (хаартаҕа уруһуйданарыгар) сир баайын хостуур лицензиялаах атын тэрилтэлэр учаастактара барыта учуоттаммыт.  “АЛРОСА” АХ Уус Накыыннааҕы лицензиялаах учаастаҕа манна киирбэккэ хаалбыт. Этэргэ дылы, сүгэ түспүтүн, сир-уот тыырыллыбыт кэннэ биирдэ, хойутаан баран, “АЛРОСА” вице-президенэ Игорь Соболев ити сиргэ Уус Накыыннааҕы учаастак баарын туһунан, дьэ, саҥа биллэрэн, айдааны тардар. Ону кэрэһэлиир, ол эбэтэр алмаастаах сир баарын көрдөрөр, кистэлэҥ каартаны, докумуону ороон таһааран тэлимнэппиттэр.

Мархатааҕы ураты харыстанар сир статуһун көтүрбэккэ мөккүөрү быһаарыахха сөп

СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев:“Мархатааҕы ураты харыстанар сир кыраныыссатыгар уларыйыы киириэн сөп. Ол эрэн резерват быһыытынан статуһа көтүллэрэ табыллыбат. Бу уларыйыы хайдах киириэхтээҕин туһунан балаһыанньаны  СӨ бырабыыталыстыбата бигэргэттэ.  Бу ирдэбилгэ олоҕуран интэриэстээх хампаанньа, холобур, АЛРОСА, анал докумуону оҥорон киллэриэхтээх. Ол докумуоҥҥа тустаах хампаанньа лицензиялаах учаастагын координаттарын, иэнин  уонна экологическай-биологическай  өттүнэн сөптөөх быһаарыыны оҥорон,  Ньурба улууһун мунньаҕар киллэриэхтээх.  Манна биири өйдүөххө наада. Өскөтүн, ураты харыстанар сиртэн учаастак ылыллар буоллаҕына, оччо кээмэйдээх атын сыста сытар сиртэн ылан эбиллиэхтээх. Ол эбэтэр резерват сирэ кыччыа суохтаах. Кыраныыссаны уларытыы, докумуоннары оҥоруу  ороскуотун барытын интэриэстээх хампаанньа  уйунар”, — диэн  эттэ.

 Түмүккэ

Онон “АЛРОСА” АХ алмаастаах саҥа сири туһаҕа таһаарарга былаанныырын учуоттаан, Ньурба улууһун дьаһалтатыгар Мархатааҕы ураты харыстанар паарка кыраныыссатын уларытарга этии киллэриллибит. Маны олоххо киллэрэр тэрээһиннэр бүгүн ылыллыбыт 613 №-дээх “Об утверждении Порядков образования, преобразования и упраздения особо охраняемых природных территорий РС (Я) республиканского и местного значения” диэн СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан ыытыллыахтаахтара.

This post was published on 28.04.2017 17:05 17:05