Марха өрүс муостатын 2019 сылга диэри тутан бүтүөхтэрэ

Бүлүү өрүс саамай улахан салаатыгар, Марха өрүскэ, саҥа муостаны тутуу саҕаламмыта сылтан орто. Былырыын сайыны быһа 18-тыы, 24-түү, 21-дии устуука атаҕы өрүс түгэҕиттэн 30 м дириҥҥэ диэри түһэрбиттэрэ. Билигин кыһын буолан өрүс түгэҕэр түһэриллибит сыбаайа атахтара көстүбэттэр. Онон үлэ барбыт сибикитэ суох курдук. Үчүгэйдик сыныйан көрдөххө, Марха өрүс икки өттүгэр муоста сүнньүн сүгэн туруохтаах тирэхтэр көстөллөр.

Итинтэн сиэттэрэн быһыылаах уонна этэрбэс араадьыйата тилийэ көтөрүнэн, быйыл муостаны тутууга сөптөөх үп көрүллүбэтэх. Онон муоста үлэҕэ киирэр болдьоҕо көһөн биэрэр үһү диэн сурах баарын истэн, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа үлэ хаамыытын билистэ, edersaas.ru суруйда.


Бу күннэргэ муостаны тута сылдьар «Сибмост» АУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Ксенженко исписэлиистэрин кытта сакаасчыт — «Бүлүү суола» управление салалтатын көрсөн, үлэ былаанын кэпсэтэн барда.

Быйылгы былааны толоруохпут

Сергей Ксенженко, «Сибмост» АУо генеральнай дириэктэрэ:

Быйыл муостаны тутууга барыта 2 млрд солк кэриҥэ көрүллүбүт. Эбийиэги 2018 сыл бүтүүтэ үмүрүтүөхтээхпит. Манна биири өйдүөххэ наада. Өскөтүн, үп кэмигэр көрүллүбэтэҕинэ, тутуу бытааран, биһиги ночоокко барабыт. Тиэхиньикэлэрбит боростуойдаан туруохтара. Атын сиргэ үлэлии барарга күһэллиэхпит. Судаарыстыба өттүттэн үбү көрүү кэмигэр бардаҕына, биһиги муостаны болдьоҕор үлэҕэ киллэриэхпит. Былырыыҥҥы былааны барытын толорбуппут. Чиэһинэйдик этэбин, кырдьык, «Сибмост» АУо былырыын экономическай өттүнэн туруга мөлтүү сылдьыбыта. Билигин барыта этэҥҥэ. Ааспыт сылларга Россия үрдүнэн 15 улахан муостаны туппуппут.

350 мөл. солк абаанса ылбыппытын тимир конструкцияны тиэйиигэ туһанабыт. Омскайдааҕы тимир собуотуттан муоста тимирин (каркааһын) дуогабар быһыытынан Осетроваҕа аҕалан сүөкээн, аҕыйах кэмҥэ онно сытыара  түһүөхпүт. Салгыы  уу суолунан Марха учаастакка аҕалан, таҥмытынан барыахпыт.

«Сибмост» тэрилтэ балаһыанньата үчүгэй

Николай Андреев, «Бүлүү суола» управление начаалынньыга:

«Сибмост» АУо былырыын иэскэ киирэн, балаһыанньалара уустугура сылдьыбыта. Новосибирскайга Обь өрүскэ төрдүс муостаны тута сылдьан, бүддьүөттэн ситэ үбүлэммэккэ, баантан кирэдьиит ылан ситэрбиттэрэ. Итинтэн сылтаан экономическай өттүнэн уустук балаһыанньаламмыттара. Муостаны тутуу уратылаах. Ол курдук, «тоҥорон» кэбиһэрдээҕэр, тутан бүтэрэр быдан ордук. Муостаны тутуу тохтуо суохтаах. Онон үгүс хампаанньа ылыста даҕаны, хайаан да бүтэрэр дьүккүөрдээх.

This post was published on 09.02.2017 16:22 16:22