Мархаҕа кииннэммит уу ситимэ киллэрилиннэ

Киин куорат таһынааҕы Марха бөһүөлэгэр кииннэммит уу ситимэ киллэрилиннэ.


Мархаҕа кииннэммит уу ситимэ суох буолан, олохтоохтор туттар ууларын массыынанан бастараллара.

«Жилкомсервис» МКУ салайааччыта Андрей Лебедев быһаарарынан, Кирзавод микро-оройуонугар саҥа уу ситимэ тардыллан, бөһүөлэк дьэ, уунан хааччыллар кыахтаммыт. Онон, бу ыйга тымныы уу ситимигэр Заводской уулуссаҕа турар элбэх кыбартыыралаах үс дьиэ холбонуоҕа. Куорат дьаһалтата сыл бүтүөр диэри уу ситимин аччаабыта уон элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ тардар былааннаах.

This post was published on 10.03.2018 14:26 14:26