Мархаҕа чааһынай дьиэ умайда

Дьокуускайга алтынньы 5 күнүгэр Марха микрооройуонугар Кургааннайа уулуссаҕа чааһынай дьиэ умайда. Уот дьиэ көндөйүн, эркинин, веранданы уонна гарааһы хаарыйда. Баһаар түмүгэр эмсэҕэлээбит киһи суох. Бу туһунан Саха сиринээҕи ЫБМ СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

«Баһаар түмүгэр дьиэ көндөйө, эркинэ, верандата эмсэҕэлээтэ  ону таһынан, уот гарааһы хаарыйан уопсай хорумньу 80 квадратнай миэтэрэ буолла. Өлбүт уонна эмсэҕэлээбит киһи суох», — диэн биэдэмистибэҕэ иһитиннэрдилэр.

Баһаар биричиинэтин, буруйдааҕы уонна хоромньуну олохтуохтара.

This post was published on 05.10.2023 14:27 14:27