23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Маргарита Борисова: «Дьоһуннаах оруолга тиксибэтим», – диир төрүөт суох

16:11, 04 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

– Маргарита Михайловна,  олунньу 24 күнүгэр буолуохтаах дьоро киэһэҥ «Ыра санаа ыллыгынан» диэн ааттаммыт. Бука, олоҕун устата ыра санааҥ ыллыгынан айанныыргар дьонуҥ-сэргэҥ алгыһынан аргыстанан кэллэҕиҥ.

–  Тыа дьоно былыр-былыргыттан ыалдьытымсах. Ханнык эрэ ыалдьыт иһэрин эрдэ биллилэр да, чэйдэрин оһоххо ууран сылыппытынан бараллар. Аҕыс саастаах быһыылааҕым. Дьиэбэр соҕотоҕун олордохпуна биир кырдьаҕас оҕонньор киирэн кэлбитэ. Дьонум үгэстэрин көрө үөрэммит киһи, оҕочоос  да буолларбын, остуолга арыыбын, саахарбын ууран, чэй кутан барбытым.  Ол тухары дьонум кэлбэтэхтэрэ. Кыра оҕо кутан биэрбит итии чэйин астына испит аҕам саастаах киһи  төбөбүн имэрийэ-имэрийэ улааттахпына хайдах киһи буоларбар баҕа санаатын эппитэ. Билигин санаатахпына,  улаханнык махтанан, инники олохпун  алҕаан тахсыбыт эбит.

Устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах-өстөөх, сахалыы мындыр толкуйдаах, убайым кэриэтэ киһи Лазарь Сергучев гастроль кэмигэр миигин ыҥыран ылан, алгыс тылларын эппитин күн бүгүҥҥэ диэри эппэр-хааммар иҥэринэн илдьэ сылдьабын.

Саха театрыгар үлэҕэ киирэн баран,  бастакы гастролларбар Саха АССР үтүөлээх артыыһа Лазарь Сергучевы кытары элбэхтик сылдьыбыппар дьылҕабар махтанабын. Ханна да тиийдэрбит, саха тылын сүмэтин илдьэ сылдьар улахан артыыһы  таҥара курдук көрөллөрө. Артыыстар автобустан түстэхпитинэ, бары Лазарь Сергучевы уруйдуу-айхаллыы көрсөллөрө, киэһэ ханнык улахан уобараһы айан сөхтөрөрө буолла диэн испэктээкил буоларын тулуйбакка күүтэллэрэ. Ол эрээри, Хабырылла Дьөгүөрэп, Кыһыл Ойуун, Аласов, Яго, Ньургун Боотур уо.д.а. оруолларынан көрөөччүлэрин сөхтөрбүт Аан Дархан артыыс кыра оруолларга эрэ киирэн тахсар буолбутун курустук ылынара, көрөөччү  эрэлин ситэ толорботох курдук хомойоро. Лазарь Лазаревич бэйэтэ эмиэ санааҕа баттаппыт курдук, сүөм түһэн сылдьарын көрөр ыарахан этэ.   Артыыс үлэтигэр сааамай ыарахана итиннэ сытар. Онуоха, билигин саныырбынан, киэҥ көҕүстээх, туохха барытыгар бэлэм буолуохха наада быһыылаах. Театр  бэйэтэ киһи хараҕар көстүбэт ураты эйгэлээх, артыыстар эмиэ тус-туһунан майгылаах  дьоммут.

Дьахтар күүтэр анала

– Артыыс киһи   оруолларынан, айбыт уобарастарынан олорор.

– Пьесаларга, испэктээкиллэргэ үксүгэр дьахтар оруола аҕыйах буолар.  Оттон    эр  дьон куруук кэриэтэ оруоллаах. Дьахтар күүтэр аналынан куруук саҥа оруолу кэтэһэр.   Хас биирдии оруол артыыска күндү. Таптаабат оруолуҥ диэн суох, ол оннугар ыарахан оруол баар буолуон сөп. Ыарахан уобарастарга туруулаһан туран үлэлиигин уонна ол  өйгөр-санааҕар суураллыбаттыы иҥэр. Ардыгар саҥата суох оонньуур оруоллары ордоробун.  Оннук оруоллар хайдах эрэ психологическай хабааннаах буолаллар.

«Характердар хабырыйсар сценаларыгар үлэлээбэтим, ис ытылҕан көрдөрүллэр испэктээкиллэригэр оруолларга тиксибэтим,  дьоһуннаах оруола суох хааллым», –  диир төрүөт миэхэ  суох.  Баҕам хоту театрбын кытта аан дойдуну көрдүм, кэрийдим. Араас режиссердары кытары үлэлээтим.

Ардыгар трагическай оруолларга оонньооботум дуу дии санаан ылабын. Арай эдэр сылдьан Иван Гоголев «Дьабыҥҥа көтүү» испэктээкилигэр  оонньообутум. Ол уобараһым билигин да дууһам түгэҕэр сылдьар, сөбүлүүбүн.

Онтон оруол чааһынан эттэххэ, кыра уобараска киирэн тахсыы саамай ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, көрөөччү эйигин өйдөөн хаалыан наада. Аны дьону күллэрэр курдук үлэлээх туох да суох ээ. Ытатыахха сөп, оттон күллэрэр судургута суох.

Эдэр эрдэххинэ эдэрдии эрчимҥинэн, үксүн режиссер салайыытынан  үлэлиигин. Киһи сааһыран истэҕин аайы уопутурар. Онон бэйэҥ уопутуҥ холбоһон өссө айымньылаахтык айаҕын-тутаҕын. Кэнники кэмнэргэ театр туруорар улахан испэктээкиллэригэр үлэлээбиппиттэн киэн туттабын.

Оруолуҥ суох буоллаҕына, олоҕуҥ  суолтата сүтэргэ дылы буолар .Кыра да уобараска көрөөччү таба көрбүт, сэҥээрбит, онтун өссө хаһыакка, телевидениеҕэ дьон истиитигэр таһаарбыт буоллаҕына, көтүөххүн кыната суох курдук буолаҕын, өссө да сценаҕа оонньуур кыахтааххар, көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ыларгар итэҕэйэҕин.

«Ийээ, бырастыы!..»

– Эн ис туруккун тосту уларыппыт оруоллааххын дуо?

— Баар. Баһылай Харысхал «Көмүөл» испэктээкилигэр Екатерина Максимовна оруола. Бу испэктээкилгэ бэлэмнэнэ сылдьан, мин оҕо сааспар эргиллибитим, Екатерина Максимовна уобараһын арыйарбар ийэлээх-аҕам маннык буолуо этилэр диэн ойуулаан көрө сатаан эрэйдэммитим. Ийэбин «сиртэн-буортан тэйбит  аанньал  киһи этэ» диэн кэпсииллэрэ. «Көмүөл» испэктээкилгэ ийэ уобараһыгар үлэлиэхпиттэн  өйүм-санаам, олоҕу көрүүм уларыйбыта. Төрөппүттэрбэр   хойутаан да буоллар, кинилэргэ  бырастыы, махтал тылларын эппитим. Ол кэнниттэн бу сылларга илдьэ сылдьыбыт ыарахан сүгэһэрбиттэн босхолоннум. Бырастыы гыммат аньыы эбээт! «Бырастыы, ийээ!», «Бырастыы, аҕаа!» – диэн тыллар бэйэлэрэ төлө көтөн тахсар курдук буолбуттара… 

Оруолларынан билэллэр

Киинэҕэ оруолларгынан  ааттыылларын туһунан урукку интервьюларгар этэн тураҕын. Артыыһы оруолларынан билинии – бэйэтэ туспа сыанабыл буоллаҕа?

– Миигин сорохтор сахалартан киинэҕэ бастакынан оонньообут  артыыска курдук этээччилэр. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Мин иннибинэ Наталья Христофорова, Мария Николаева, Дмитрий Ходулов, Степан Емельянов уо.д.а. сэбиэскэй киинэлэргэ уһуллубуттара. Мин Свердловскайдааҕы киинэ студиятыгар «Семен Дежнев»,  «Беларусьфильмҥа» «Бирикээс» уонна Алексей Романов «Мааппа», «Орто дойду», Никита Аржаков «Тулабыт барыта хайалар», Эдуард Новиков «Плисада» киинэлэригэр уһуллубутум. «Семен Дежнев» киинэ оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска ситиһиилэнэн, Ташкент куоракка Азия уонна Африка дойдуларын аан дойдутааҕы киинэ фестивалларыгар кыттыбытым.

Билэр-билбэт дьонум «Абакаяда кэллэ», «Оо, Мааппа сылдьар» диэн саҥа аллайдахтарына, үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ, биллэн турар, мин эмиэ үөрэбин. Көрөөччүлэрбит барахсаттар наһаа болҕомтолоохтор, кыраҕы харахтаахтар. Ханнык эрэ улууска барбыппытыгар биир көрөөччү: «Ити Мааппаҥ, мин санаабар, олус  ыарахан уобарас. Сахалыы сиэри-туому тутуспутуҥ дуо? Эн тулаайах эбиккин уонна Мааппа оруолун оонньуургар куттамматаҕын дуо, тоҕо сөбүлэспиккиний?»  – диэн ыйытан турардаах. Кырдьык,  ол саҕана  сиэр-туом тутуһуллуутун туһунан улаханнык толкуйдаабат эбиппит. Бары эдэрбит да бэрдэ. «Киинэбит эрэ табылыннар» диэн толкуйдаах үлэлээбиппит. Элбэхтик ырытыспыппыт, элбэҕи хасыһан аахпыппыт. Мааппам оруолун сөбүлүүбүн.

Биирдэ эмиэ гастроль кэмигэр кулуупка тиийэн уолаттарбыт таһаҕастарын сүөкүүр кэмнэригэр маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьыбытым. Онно атыыһыт дьахтар: «Оо, ити муҥнааххын, итириксит сордооххун илдьэ кэлбиккин дуу?» – диэн аһыммыттыы ыйыппыта. Бастаан өйдөөбөтөҕүм. Онтон түннүгүнэн көрбүтүм Василий Апросимов миигин ыҥыра сүүрэн иһэр эбит. «Ыаллыылар» сериалга «кэргэним Василийы» этэр эбит. Ити курдук, көрөөччүлэр артыыстары уобарастарынан өйдөөн хаалаллар. Мин онтон үөрэбин эрэ.

Ыал буолуу – үлэ

– Кэргэҥҥин Петр Ивановиһы кытары хайдах билсибиккитий? Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсээтэххинэ?

– Биһиги эдэр саас саамай кэрэ кэмнэригэр устудьуоннуу сылдьан көрсүбүт буоламмыт  тапталбыт  ып-ыраас, романтическай этэ. Сүрэхпин сүүйбүт, дууһабын туппут тапталым мин аттыбар куруук баар буолуон, кини сүрэҕэ миэхэ  бэриниилээх буолуон  баҕарарым. Таптал тырымнас тыына, дууһам кылын таарыйар  кэрэ кэмнэр кимтэн да ыйыппакка тиийэн кэлбит этилэр. Петям Артем куоракка үөрэнэ сылдьан Владивостокка кэлэ сырыттаҕына билсибиппит. Үөрэҕи бүтэрэн баран ыал буолбуппут.

Ыал буолуу – бэйэтэ туһунан үлэ, оскуола.  Төһөнөн өр бииргэ олороҕун да, дьиҥнээх таптал кэлэр дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, таптыыргын уонна таптатаргын сыаналыыгын.  Кыыспыт Марика кэргэнинэн Сергейдиин Москваҕа олороллор, биир сиэннээхпит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА