Манчаары оонньууларыгар спортсменнары сүүмэрдээһинэ суох ылыахтара

Коронавирус пандемиятынан сибээстээн эһиилги Манчаары оонньууларыгар спортсменнары сүүмэрдээһинэ суох ылыахтара. Хамаандалары улуустар, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ көрөн таҥыахтара. Бу туһунан спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев НВК «Саха» араадьыйаҕа эфирин кэмигэр иһитиннэрдэ.


«Манчаары оонньууларын балаһыанньатыгар уларытыы киллэрэр санаалаахпыт. Өскөтүн урут сүүмэрдээһин, квалификационнай турнирдар ыытыллар эбит буоллахтарына, пандемиянан сибээстээн итилэри ыытар кыаллыбат. Уруккутун курдук хамаандалар Спартакиадаҕа бөлөҕүттэн көрөн чопчу ахсааннаах кыттааччыны аҕалыахтара. Кинилэр ситиһиилэринэн хамаандалар түмүктэрэ тахсыа диэтэ», — Иннокентий Григорьев.  

Манчаары оонньуулара түөрт сылга биирдэ ыытыллар. Бүтэһик оонньуулар Үөһээ Бүлүүгэ, 2025 сылга Тааттаҕа ыытыллаллара былааннанар. Урут оонньууга сүүмэрдээһин бастаан улуус, онтон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллара. Быйыл пандемиянан сибээстээн үгүс тэрээһиннэр бобуулаахтар. Оонньуу балаһыанньатын аны сайын ыытыллар Оонньууларга эрэ анаан уларыталлар.

This post was published on 13.11.2020 17:01 17:01