Манчаары оонньууларыгар Россия спордун миниистирэ уонна Олимпийскай кэмитиэт президиэнэ кыттыахтара

Спорт национальнай көрүҥнэригэр XXI Спартакиадаҕа Российскай Федерация спордун миниистирэ Олег Матыцин уонна Олимпийскай кэмитиэт президиэнэ Станислав Поздняков кыттыыны ылыахтара. Ол туһунан СИА-ҕа Саха сирин спордун миниистирэ Иннокентий Григорьев Оонньуулар презентацияларын кэмигэр эттэ.


Иннокентий Григорьев эппитинэн, «Манчаары оонньуулара» XXI Спартакиада «Спорт — норма жизни» федеральнайдааҕы бырайыакка баар. Бу бырайыак быйылгы салгыыта — «Спорт норма тур». Ол иһинэн дойду алта куората хабыллар — Москва, Обнинск, Ульяновск, Белгород, Сочи, Калуга. Федеральнайдааҕы бырайыак от ыйын 7 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ стаартыаҕа, «Манчаары оонньууларын» кэмигэр.

««Спорт норма тур» бырайыакка өрөспүүбүлүкэ кыттарынан, Манчаары оонньуулара федеральнайдааҕы СМИ-гэ күүскэ сырдатыллыахтара. XXI Спартакиада бочуоттаах ыалдьыттарынан Россия спортка миниистирэ Олег Матыцин уонна Олимпийскай кэмитиэт президиэнэ Станислав Поздняков буолаллар«, — диэтэ миниистир.

This post was published on 04.06.2021 11:01 11:01