"Манчаары оонньууларыгар" коронавирустан муҥутуур харыстаныыны тэрийэллэр

Роспотребнадзор, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ итиэннэ тэрийэ хамыыһыйа быһаарыыларынан «Манчаары оонньуулара» бу ый 7 – 11 күннэригэр көрөөччүтэ суох ыытыллыахтара. Тэрийэр хамыыһыйа, спортсменнар, улуус делегациялара коронавирустан быһыыны толору ылбыт эрэ буоллахтарына эбэтэр үс күннээх ПЦР анаалыстаах кыттыахтара.


Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хас биирдии хамаанда 70% вакцина ылбытын ирдиир. Күрэхтэһии иннинэ хас биирдии кыттааччы быһыы ылбытын туһунан булгуччулаах бэрэбиэркэни ааһыа. Атыттартан үс күннээх ПЦР анаалыһын көрдүөхтэрэ.

Спортсменнар, кыттааччылар олорор сирдэригэр мэдиссиинэ пууннара тэриллэллэр, COVIDка уорбаланааччылары тэрээһинтэн туоратыы былаана торумнанар. Горнайдааҕы киин балыыһа Маҕарас нэһилиэгэр 10 куойкалаах итиэннэ эбии үөрэхтээһин киинигэр 20 миэстэлээх эмтэнэр сир бэлэмнээбит.

Спартакиадаҕа барыта 1850 спортсмен кыттара былааннанар. Үгүстэрэ быһыыны ылбыттар.

This post was published on 02.07.2021 14:04 14:04