2009 сыллааҕы Бүлүүгэ ыытыллыбыт Оонньуулар уһун ардахтарынан өйдөнөн хаалбыттара. 2019 сыллааҕы Амматааҕы оонньууларга сөрүүн күннэр тураннар, кыттааччылар, ыалдьыттар Амма өрүһүгэр сөтүөлээбэккэ төннүбүттэрэ.
Саха сиринээҕи Гидрометцентр от ыйын 6-7-8 күннэригэр Горнайга +28, +33 кыраадыстаах куйаас турарын сабаҕалыыр. Сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөн сөбүн иһитиннэрэр.
От ыйын 6 күн түүн соҕуруу кыра, күнүс кыра, сорох сиринэн күүстээх, ол эрэн кылгас этиҥнээх ардахтар түһүөхтэрэ. Тыал хотугулуу-арҕааттан 4-9 м/с үрүө, этиҥ кэмигэр 15-18 м/с тиийэ түргэтиэ, түүнүн салгын температурата +13+18, күнүс +26+31 буолуо.
От ыйын 7 күнүгэр үксүн сөҥүүтэ суох күн туруо, тыал арҕааттан 5-10 м/с түргэннээхтик үрүө, түүн температура +12+17, күнүс +28+33 буолуо.
От ыйын 8 күнүгэр түүн сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, күнүс этиҥнээх, кылгас ардах түһүөн сөп, тыал соҕуруулуу-арҕааттан 5-10 м/с түргэннээхтик үрүө, этиҥнээх ардах кэмигэр 15-20 м/с түргэтиэ, түүнүн температура +12+17, күнүһүн +31+33 буолуо.
От ыйын 8 — 11 күннэригэр арыый сөрүүдүйүө, салгын температурата +21+24 буолуо. Бээтинсэҕэ этиҥнээх ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Матырыйаал XXI-с «Манчаары оонньууларын» пресс-киинин иһитиннэриитигэр сигэнэн сурулунна.
This post was published on 06.07.2021 16:02 16:02