Путёвкалар Саха сиригэр бастыыр иһин күрэхтэһии чэрчитинэн «Модун» спорт комплексыгар оонньоннулар. Күүстээх оройуоттар кэлбиттэр, Арктикаттан бааллар. Түмүккэ хамаанданан Дьокуускай бастаата, иккис — мэҥэ хаҥаластар, Сунтаар улууһа — үһүстээтэ.
Уолаттарга Богдан Журавлев Дьокуускайтан бастаата, үрүҥ көмүһү Ян Захаров Мэҥэ Хаҥаластан ылла, боруонсаны Владислав Мамаев Намтан иилиннэ.
Кыргыттарга Сунтаартан Алена Максимова бастыҥын көрдөрдө. Аэлита Алексеева (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Айыына Ермолаева (Дьокуускай) иккис уонна үһүс буоллулар, туһааннааҕынан.
Күрэхтэһии «Манчаары оонньууларыгар» путевканы биэрдэ, квалификацияны 16 кыыс уонна уол эрэ ааста.
«Манчаары оонньууларыгар» путевка туттулар:
Кыргыттар: Алена Максимова (Сунтаар), Аэлита Алексеева (Мэҥэ Хаҥалас), Айыына Ермолаева (Дьокуускай), Ангелина Тимофеева (Уус Алдан), Каролина Дьяконова (Кэбээйи), Инесса Белолюбская (Үөһээ Бүлүү), Арина Кузьмина (Чурапчы), Сайаана Семенова (Ньурба), Юлиана Ильина (Горнай), Наталья Лебедева (Таатта-2), Мичийэ Хаптагаева (Таатта-1), Диана Мултусова (Өлөөн), Дария Калитина (Хаҥалас), Лилия Потапова (Дьааҥы), Мичээрэ Типанова (Бүлүү), Тома Жиркова (Нам).
Уолаттарга: Богдан Журавлев (Дьокуускай), Ян Захаров (Мэҥэ Хаҥалас), Владислав Мамаев (Нам), Эрхан Тимофеев (Сунтаар), Андрей Ермолаев (Ньурба), Афанасий Ширяев (Таатта-1), Валерий Сивцев (Эдьигээн), Эрчим Барашков (Чурапчы), Сахаян Конников (Амма), Антон Захаров (Үөһээ Бүлүүй), Айтал Типанов (Бүлүү), Эрчим Кириллин (Өлөөн), Мичил Кириллин (Горнай), Артем Васильев (Таатта-2), Долун Михайлов (Хаҥалас), Альберт Николаев (Кэбээйи).
This post was published on 26.03.2025 14:01 14:01