Аны аҕыйах чааһынан Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар киирэр биир кэрэ-бэлиэ түһүлгэ тэриллээри турар — манна ХХ-с Манчаары Оонньууларын уота үөрүүлээх быһыыга-майгыга уматыллыаҕа.
Бүгүн күнүс сэлиэнньэ килбэйэр киинигэр саҥа тутуллубут «Үс Хоһуун» стадиону, элбэх хайысхалаах спорт киинин итиэннэ Хотун Бүлүүттэн төрүттээх номох буолбут бөҕөстөргө — Буучугураска, Бычырдааҥҥа, Мордьоно Уолугар анаммыт өйдөбүнньүгү арыйыы сиэрэ-туома буолла.
Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, спорт миниистирэ Георгий Балакшин, Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев, ыҥырыылаах ыалдьыттар, спортсменнар кытыннылар.
«Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Владимир Поскачин бэйэтин эҕэрдэ тылыгар өр кэтэспит күммүт дьэ үүннэ — саҥа стадион, саҥа спорт киинэ тутуллан үлэҕэ киллэрилиннилэр, ону сэргэ биллиилээх биир дойдулаахтарбытыгар, хапсаҕайдьыттарбытыгар — Буучугараска, Бычырдааҥҥа, Мордьоноҕо өйдөбүнньүк арыйабыт диэтэ, уонна тутууну ыытыыга тылынан уонна үбүнэн көмө, өйөбүл буолбут өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар Егор Борисовка, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчиковаҕа, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляевка, спорт миниистиригэр Георгий Балакшиҥҥа уонна бу эбийиэктэри дьэндэтиигэ биир иллээх кэлэктиибинэн үлэлээбит араас омук — саха, нуучча, армян, таджик, узбек — дьонугар улуус олохтоохторун ааттарыттан истиҥ махтал тылларын эттэ.
Владимир Поскачин «Биир киһи курдук, биир санаанан үлэлээммит, туруоруммут сорукпутун ситистибит, эбийиэктэрбитин болдьоҕор улахан тутуһуута суох туһаҕа киллэрдибит», — диэн этиитин мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
This post was published on 06.07.2017 17:38 17:38