Горнай улууһугар буолар «Манчаары оонньууларын» кэмигэр «Инновационные аспекты физкультурно-спортивной деятельности» бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолуоҕа. Ол туһунан үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжнай социальнай ситимнэргэ эттэ, суруйар СИА.
Михаил Присяжнай эппитинэн кэмпириэнсийэ спорт министиэристибэтин уонна Чурапчытааҕы физкультура институтун кытта от ыйын 6 — 7 күннэригэр тэриллиэҕэ. Бастакы күн Дьокуускайга, иккиһэ — Бэрдьигэстээххэ буолуоҕа.
«Кэмпириэнсийэҕэ оҕолору уонна ыччаты сайыннарыыга туһуламмыт спорт национальнай көрүҥнэрин, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын оонньууларын сайыннарыыга боппуруостары көрүөхпүт. Маны сэргэ бу хайысхаҕа исписэлиистэри бэлэмнээһини, спортивнай бэлэмнэниигэ эксперименниир үлэни ырытыахпыт. Билигин спорт үлэтэ уонна олипиецтары бэлэмнээһин үөрэх бырагырааматын чааһынан буолла. Кэллиэгэлэрбин кэмпириэнсийэҕэ кыттаргытыгар ыҥырабын», — диэтэ миниистири солбуйааччы.
This post was published on 08.04.2021 14:01 14:01